Перевод с якутского
тирбэҕэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы тонкая верёвка или ремешок, вырезанные из кожи
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
1. аат. Тирииттэн синньигэс гына тэлэн ылан оҥоһуллар быа
Нууччалыы Тонкая верёвка или ремешок, вырезанные из кожи
Муҥханы сүүрбэ-отут ураҕаска тиирэллэр уонна бигэ буоллун диэн тирбэҕэнэн таарбайаллар. Далан Былыр таҥас өтүү, аныгы быа-туһах суох кэмигэр тирии тирбэҕэни, талах, силис сигэни киэҥник тутталлара. « ХС
2 даҕааһын #
суолт. Тирииттэн синньигэс гына тэлэн ылан оҥоһуллубут
Нууччалыы Вырезанный с краёв выделанной кожи
Сонум элээмэтин кэтэн, тирбэҕэ курбунан бүүрэ тардынан кэбистим. Амма Аччыгыйа Былыргы сахалар сап оннугар иҥиир ситиини, бирээдьинэ быа оннугар оҕус инчэҕэй тириититтэн тэлэн, имитэн-мускуйан оҥоһуллубут тирбэҕэ өтүүнү тутталлара. АЭ
3 этии #
Этиилэр
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан көр инчэҕэй
Бэйэлэрэ буоллаҕына, күүстэрэ эстэринэн ыар үлэҕэ эриллэ-эриллэ, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттар. Софр. Данилов. Биһиги үһүөн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, сэрии ыар сылларын этэҥҥэ туораабыппыт. П. Аввакумов Ср. башк. дилбегэ ‘вожжи’
4 аат тыл #
Оттообут кэннэ ходуһа кытыытыгар быраҕыллан (хол., ото убаҕас, иинэҕэс буолан) охсуллубакка хаалбыт сир
Нууччалыы Заброшенные неурожайные окраины сенокосных угодий
Ходуһаҕа дьон бырахпыт тирбэҕэлэрин, сайылык үрүйэлэр дулҕаларын оттууллар. Амма Аччыгыйа [Дьэбдьиэ:] Бу сайын буоллаҕына ити алааһын тирбэҕэтин оттообокко таах хагдарытан кэбистэ.
Суорун ОмоллоонСахалар ити түбэҕэ тыраакта сүнньүнэн, хастыы эмит көс буола-буола, бытанан олорбуттар, талахтар төрдүлэрин, от ытырыылаах лоскуй-лоскуй тирбэҕэлэри тиниктэһэн. « ХС