ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

турба

аат тыл

Нууччалыы длинный пустотелый предмет, обычно круглого сечения, труба

1 аат тыл #

Уһун, төгүрүк, көҥдөй предмет

Нууччалыы Длинный пустотелый предмет, обычно круглого сечения, труба

  • Уу турбата.
  • Толору астаах туорааҕы тимир турбанан дьааһыгар таҥнары куппутунан барда.
    М. Доҕордуурап
  • Антон тимир турбаны хаадьаҥнатан көрдө.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)

2 аат тыл #

муус. Алтантан эбэтэр мастан оҥоһуллубут үрэр мусукаалынай тэрил

Нууччалыы Духовой медный или деревянный музыкальный инструмент, труба

  • Быраатым турбаҕа оонньуур

3 этии #

Этиилэр

Турба батас көр дурба

  • Уһун сула турба батастарынан, хаһыытаһа-хаһыытаһа, хардаҕас курдук хайыта кырбаспыттар.
    П. Ойуунускай
  • [Буура Дохсун бухатыыр] уһун турба батастарын устатынан дьаарыстыы тутан сүктэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Уолусхаҥҥа туттар Уһун турба батаһынан Тоҕута сыста. "ХС"

«Т» буукуба