ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туура

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы узкая часть какого-л. орудия

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Туттар сэп укка олорор синньэтиилээх төрдө

Нууччалыы Узкая часть какого-л. орудия (на к-рую насаживается черенок, рукоятка, осадка ножа и т. п.)

  • Арба даҕаны, бу сэбим туурата тостубутун умнан сылдьаахтыыр эбиппин дии.
    Амма Аччыгыйа
  • Уон иккилээх уол сылдьан тостубут иннэ тууратын үүттээн биэрбитим. "Кыым". Бэл илии хотуура тууратын үрдүнэн самалык тардыы тимирэ суох от оҕустарбат буолара.
    ЕХД КТ
  • Сэбирдэх атаҕын төрдө. Θ Узкая часть, ножка листика растения, черешок. Дөлүһүөн лабаалара эрэ буолбакка, бэл сэбирдэхтэрин тууралара -- хатыынан бүрүллүбүттэр. KBA Б. Росянка сэбирдэхтэрэ бары умнас төрдүттэн үүнэн тахсаллар, балайда уһун тууралаахтар. МАА ССЭҮү. Ханнык да үүнээйи бөҕө силиһэ, туурата, өҥ-ньүөл кырса суох, курулуу тохтор кураанах кумахха үүммэт, силигилээ бэт.
    БН СУ

2 аат тыл #

Туох эмэ тутуллан турар эбэтэр үөскүүр, баар буолар төрүтэ

Нууччалыы Основание, корень чего-л

  • Э-э-э дуо! Тохтообокко Тулхадыйбат туураны Туураланнын диэн, Туомнаатахпыт буоллун! Доҕоттоор!
    Саха фольк
  • [Уһук муҥ кэллэҕинэ] Биири эрэ бигэтик саныыр буолуҥ, Соҕотоҕу эрэ чопчу саныыр буолуҥ, Тууратын эрэ тобулу саныыр буолуҥ дииллэрэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тойон сэргэҕэ дьол туллубат туурата, сүктэр кыыс үүт маҥан ата бааллан тыына-тыбыыра ахан турар
    Э. Соколов

3 аат тыл #

Ким, туох эмэ ханна үөскээбитэ, үөскээбит төрдө

Нууччалыы Корень, происхождение, исток

  • "Кэпкин туон, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, туохтан тууралах киһи кэллиҥ?" – диэн ыйыталлар. Саха сэһ. II. Аны төрөөбүт дойдубуттан туурам тулуннаҕа, онон ийэм төрөөбүт сиригэр тиийдэҕим дии санаатым да, Амыр өрүһү булаары Дьугдьуур хайаларын диэки түһэ турдум.
    Болот Боотур
  • Таайдахха, ньургуһун сааскы күҥҥэ тардыһар буолан кэрэ, тоҥ буортан тууралаах буолан тулуурдаах ини.
    И. Данилов
  • Ср. ДТС туҕру ʽстержень, при помощи которого лезвие закрепляется на рукоятке, черешок’
II

4 туохтуур #

сыһ

  • Чүөчээски тиийэн эһэ -- тылын туура быһан ылла.
    Суорун Омоллоон
  • Эһэ ойон кэллэ да киһи тутан турар туурка саатын туура садьыйан ылбыта тииккэ охсулунна.
    Т. Сметанин
  • Уолаттар Былааһы [оҕо аата] олоҕуттан туура анньан түһэрдилэр уонна дириэктэр диэки дэллэритэн кэбистилэр
    Бэлэм буол

5 туохтуур #

ан эмэ сулбу биитэр төрдүттэн уһулу барар гына

Нууччалыы Вырывая из чего-л. или отделяя что-л. от основания

6 туохтуур #

Олох, букатын, төрдүттэн (үксүгэр суох диэн тылы уонна буолб. ф-лаах туохт. кытта тут-лар)

Нууччалыы Совсем, совершенно, вовсе (употр. большей частью с именем отрицания суох ʻнетʼ и с отриц. ф. гл.). [Сайын] Турар атахтаах Туура орпокко Тугуттаан тубуста

  • [Аанака:] Барбаппын, туура барыам эрэ суоҕа.
    Эрилик Эристиин
  • Ону баара, бүгүн туура умнан кэбиспит.
    А. Сыромятникова
  • Туох даҕаны бэйэлээххэ мүлчү ыһыктыа, туура туттуо суох саамай күндүбүн, баар эрэ мааныбын төлө тутарга тиийдим
    С. Федотов
Өссө холобурдар (3)
  • Туох баарын барытын, олоччу, бүтүннүү. Θ Всё до единого. Афанасий Романович, биһиги оттообут оппутун эһиги үксүн, туура тугу да ордорбокко тутан ыллыгыт дии.
    В. Протодьяконов
  • Ол кыһыл хамандыыртан кылааннаах түүлээҕин барытын туура ылан аҕал.
    А. Сыромятникова
  • Туох баарбытын Туура атыылаан да туран, Субу кыыһы Син биир сүгүннэрэн барыаҕым!
    И. Алексеев

7 этии #

Нууччалыы Забирать, отнимать у кого-л. кого-что-л. безвозвратно; лишить кого-чего-л. [Күкүр Уус:] Ким миигин бу айылаах кэбилээтэ, ким соҕотох оҕобун туура тутта?

Этиилэр

Туйаххын туура тэп көр туйах

  • Туруу бараан дойдутугар Туйаххытын туура тэбээриҥ, Тэгил ийэ сиргитигэр Тэлгэһэттэн тэлгэһэни Тэнитэн иһээриҥ!
    С. Зверев
  • Туура тут кэпс. – кимтэн эмэ тугу эмэ күүскүнэн тутан ыл, былдьаа, мүччү харбат
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
  • Сэрии саҕана ыал бүтэһик да сүөһүтүн туура тутан ылаллара. Оттообут оппутун үксүн эһиги туура тутан ыллыгыт дии, онтон атын кырдьык даҕаны сылгыларбытыгар оттоох соҕус буолуо этибит.
    В. Протодьяконов
  • Ср. кирг. туура ʽникогда, отродясь’

«Т» буукуба