ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тымный

туохтуур

Нууччалыы холодеть

English (intransitive) to become cold, to get cold; (intransitive) to get cold

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы холодеть

English (intransitive) to become cold, to get cold; (intransitive) to get cold (frigor mortis, if you will)

  • иһим тымныйар
    я злюсьI am angry

2 туохтуур #

Уруккугунааҕар тымныы буол, тымныы буолан бар (хол., салгыны этэргэ)

Нууччалыы Холодать, становиться холоднее (напр., о воздухе)

  • Халлаан тымныйан от-мас хагдарыйан эрэрэ. Софр. Данилов. Ычча-оо… Халлааммыт тымныйдаҕа баҕас тугун сүрэй!
    Н. Якутскай
  • Түүнүн сүрдээхтик тымныйар, Чалбах тоҥор килэччи
    Баал Хабырыыс
  • Итиитэ суох буол, сой, сөрүүдүй (хол., оһоҕу этэргэ). Θ Остывать, охлаждаться (напр., о печи). Оттон Дьаакып оҕонньор – Оһоҕун суоһа тымныйан, Олоҕун баарда салыйан, Улам ахсаан испитэ.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Уһугун, Утуйаан, Күн ойдо, чаас барда, Ас бары тымныйда.
    С. Данилов
  • Баанньыкка киирдэ. Паар бараныа, уу тымныйыа диэн, Сыгынньахтана охсон сылбырҕаланан кээстэ
    Р. Баҕатаайыскай

3 туохтуур #

Сылааскын сүтэр, сой, кытаат (өлүк туһунан)

Нууччалыы Холодеть, застывать, коченеть (о трупе)

  • Баран тутан көөртө – хайыы-үйэҕэ тымныйан хаалбыт этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Нүксүгүр санна нөрүс гынан доҕорун тымныйбыт сүүһүттэн убураата.
    И. Гоголев
  • Күн сирин көрдөрбүт төрөппүтүн илиитин имэрийэ тутан туран, төбөтө босхо барбытын, улам тымныйан эрэрин биллэ да, өлбүтүн итэҕэйбэккэ, хамсаабакка турда
    Т. Находкина

4 туохтуур #

Тымныыга сылдьан тоҥон ыарый

Нууччалыы Простужаться. [Ийэлэрэ:] Хахха сиргэ оонньоомоҥ

  • Аны тымныйыаххыт, сииккэ оҕустарыаххыт. Багдарыын Сүлбэ. Ичигэстик таҥна сырыт, баҕар, тымныйан, ыалдьан хаалыаҥ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Биирдэ Ганя үрэххэ муҥхалыы сылдьан, оҥочону түөрэ үктээн, тымныы ууга түһэн, улаханнык тымныйбыта
    Күрүлгэн

5 туохтуур #

Кимиэхэ, туохха эмэ интэриэскин сүтэр, кэрэхсээбэт буол

Нууччалыы Охладеть, потерять интерес к кому-чему-л

  • Маайыс, соһуйан сэргэхсийэ түспүт саһархай харахтара эмиэ тымныйан, хойуу кыламаннарын кэтэҕэр кирийэ оҕустулар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Түөтэ Сима:] Хотуой, киһиҥ баҕар, быстах-остох санаалаах буолаарай? Тыынын таһаара түһэн баран, тымныйан хаалыа.
    И. Семёнов
  • Бэлэхтэрин-туһахтарын ылан бараннар, сарсыныгар-өйүүнүгэр сыһыаннара биллэ тымныйар
    У. Ойуур

6 этии #

Нууччалыы Умереть [Ол курдук] Тыһыынчанан суол омук Тыына тымныйбыта баар үһү

Этиилэр

Иһэ тымныйар көр ис IV

  • Оҕонньор ону санаатаҕына өйө-санаата оонньуур, иһэ тымныйар, үллэр.
    П. Ойуунускай
  • Никешин киниттэн атын үлэһит, инженер биитэр мэхээнньик чорбойдор эрэ, күнүүлээн иһэ тымныйар үгэстээҕэ.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
  • Сампара ону көрө-көрө иһэ тымныйар да, тугу да саҥарбат.
    П. Ламутскай
  • Тыына тымныйда кэпс. – өллө
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Туналҕаннаах ньуурдардаах Туйаарыма Куо чыычаах Итии тыына тымныйда, Ийэ кута былдьанна. Суорун Омоллоон

«Т» буукуба