ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэйбэҥнээ

туохтуур

Нууччалыы повиснув на чем-л

1 туохтуур #

дьүһ. туохт., кэпс

  • Сэтэлээх билэр бэстилиэтэ – Мэлийээнэп куругар сарыы хааҕа тэйбэҥниир буолара.
    Е. Неймохов
  • [Аһыыр сиргэ] атаҕыҥ сиргэ тиийбэккэ тэйбэҥнии олорор буолара.
    А. Сыромятникова
  • Таба моонньугар муоҕунан бүөлүү анньыллыбыт чуораанчык тэйбэҥниир.
    СЮ ЫБ

2 туохтуур #

Туохха эмэ ыйана сылдьан икки диэки эйэҥнээ, эйэҥнээн хамсаа

Нууччалыы Повиснув на чем-л. свободно, двигаться, качаться из стороны в сторону, болтаться на чем-л

3 туохтуур #

Тугу эмэ бытааннык, уһаарбатык гынан, оҥорон, элбэхтэ төттөрү-таары сырыт, хаамп

Нууччалыы Мешкая, без конца ходить взад-вперед, туда-сюда

  • Томмот бэргэһэтин, үтүлүгүн тиэрбитэ, тэбээбитэ, куурда ыйаталаабыта буолан, оһох таһыгар балай эмэ тэйбэҥнээтэ. Софр. Данилов. "Хоноһобут хаска бүтэн кэлэрэ буолла?" – эмээхсин тугу эрэ астаары, оһоҕун аттыгар тэйбэҥнии сылдьан ыйытта.
    Е. Неймохов
  • Ыал ийэтэ күнү-күннээн кирдээх, сороҕор өссө алдьаммыт халаатынан баттаҕын тарааммакка, бүгүдьүүлээх тэйбэҥнээн тахсар буоллаҕына, оҕолоро ыраастык, дьып-дьап курдук туттан, таҥнан сылдьалларын кыайан ситиһиэ суоҕа.
    ФВН ТС

«Т» буукуба