ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэһэ

сыһыат

Нууччалыы насквозь

Ис хоһооно · 5

1 #

сыһ

  • Ойбону тэһэ охсон аттарын уулаттылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Биир да киһи суола хаары тэһэ үктээбэтэх.
    Н. Якутскай
  • Булчут киһи бэргэн буулдьата Тииҥи харахха тэһэ түстэ
    Эллэй

2 #

Курдары барар, дьөллөр, алдьанар гына (хол., тэс)

Нууччалыы Насквозь, так, чтобы образовалась дыра (напр., пробить)

3 #

Тутатына; чуо-бааччы

Нууччалыы Сразу; точно

  • Бу кырдьаҕас биһиги күнтэн сүтэрбит көмүспүт аатын хайдах билэн тэһэ ыйытта. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тииҥ кыһын төһө да халыҥ хаарга уурбут хаһааһын төһөлөөх эмэ аар тайҕаттан тэһэ булар.
    ХС
  • Сонун кыһалҕаны, тиэмэни бүгүҥҥү күнтэн тэһэ тутан ылара
    Чолбон

4 этии #

Нууччалыы Вдруг, внезапно, неожиданно; по наитию (напр., вспомнить, действовать)

Этиилэр

Туох тэһэ кэйэн (кэйбитинии) көр кэй II

  • Ону баара, туох эрэ кинини тэһэ кэйэн, буолумматаҕа.
    И. Гоголев
  • Ийэтэ тоҕо эрэ чэпчээбиттии үөһэ тыыммыта уонна эмискэ тэһэ кэйдэрэн, ыйыппыта. "Чолбон". Ол кини тугун тэһэ кэйдэрэн ала-чуо Бөтүрүүскэҕэ бэһириэй? "Кыым".

Тэһэ астарбыт курдук (тэһэ астаран)

эмискэччи, соһуччу; ким эрэ имнэммитин курдук (хол.

  • , өйдөө, тугу эмэ оҥор) Билигин тэһэ астаран табах тардыахпын баҕаран кэллим.
    И. Гоголев
  • Күнүс түбүктээх үлэ үөһүгэр сылдьан эмискэ тэһэ астарбыт курдук Маайа ырыатын саныы түһэбин.
    Н. Лугинов

Тэһэ көр көр көр I

  • Харытыана эрэйдээх, доҕуурга ылларбыт туллук курдук, эмээхсин диэки биирдэ тэһэ көрөн кэбистэ.
    П. Ойуунускай
  • Бу эрэйдээх тэһэ көрөн, хараҕа тугун үчүгэйэй.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
  • Кини миигин өһүргэниэ диэбиттии, өйдөөх харахтарынан сүрдээх чуолкайдык тэһэ көрөн ылла.
    Р. Баҕатаайыскай
  • "Билиҥҥи киинэ мэхээнньигэ букатын тугу да билбэт, Маратик эһиги санааҕытын тэһэ көрөн көрдөрүө этэ", – диэтэ Миша.
    А. Сыромятникова
  • Дьокутааттар ортолоругар даҕаны ырааҕы тэһэ көрөр, олохтоохтук үлэлиир киһи тоҕо эрэ көстү бэт.
    Г. Нынныров

Хабаҕы тэһэ аспыттыы

сонно тута (хол., уоскуй, өрүкүйбүккүн уҕарыт).

Тут же сразу, тотчас (напр., подавлять сильное возбуждение, успокаиваться).

  • Үллэччи кыыһырбыта үрүллүбүт хабаҕы тэһэ аспыттыы мэлис гынан хаалла. М. Доҕордуурап

5 этии #

тэһитэ (тэһэ) бар (ыстан) сөбүлээб. – соһуччу, тоҕооһо суохтук улаханнык күл, саҥар Оҕонньоор, айдаарыма эрэ, туох буолан эмискэ тэһитэ бардыҥ? Н. Неустроев. Бу киһибит туох буолан соҕотоҕун тэһитэ ыстана олорор. Далан. Кини көрдөөҕү саҥара-саҥара күлэн тэһэ барар идэлээх. И. Гоголев. Бэрт көрүдьүөстэн Ньукулай күлэн тэһэ барыаҕа. "Кыым".

Нууччалыы Внезапно, не к месту очень громко рассмеяться, заговорить

Этиилэр

Тэһэ көр (тык) – сыралҕаннаахтык сылыт (күнү этэргэ)

Опалить (о солнце).

  • Күн төбөм оройун тэһэ көрбүтэ.
    П. Аввакумов
  • Күн халлаан оройуттан мэктиэтигэр чугаһаабыкка дылы буолан тэһэ тыгар. КН ПБ. Күн тэһэ көрдө уонна сиргэ үөһэттэн кустук иэҕиллэн түстэ. ЕНВ СТ. Тэһэ кэйиэлээ (ас) кэпс. – тугунан эрэ дьөлүтэ анньар курдук ыалдьыталаан ыл. Временами ощущать острую боль. Сэмэн хаҥас буутун куҥ этэ иннэнэн тэһэ анньар курдук, аһый гынан ыарыйда.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)

Тэһэ кэй

тэтэрэн таҕыс, тэтэркэй буол (киһи имин этэргэ).

Зардеться, заалеть (о щеках).

  • Кыыс кыраһыабайыан, харахтара чоҕулуйан, имнэрэ тэһэ кэйэн түһэн эдэриэн! Е. Неймохов

«Т» буукуба