Перевод с якутского
түм
туохтуур
Нууччалыы завязывать узлом что-л.
English to tie
1 туохтуур #
Бэйэтин бэйэтигэр эрийэ тутан ыга тардан баай, түмүктэ оҥор (хол., быаны)
Нууччалыы Завязывать узлом что-л. (напр., верёвку)
Даша түөһүттэн иннэлээх сабы субуйа тардан ылан хам тиктэ, сабын түмэ тардыалаата. Амма Аччыгыйа Оҕонньор кырдьан баҕыарбыт илиилэрэ туһаҕы кыайан баайан, түмэ тардан биэрбэтэхтэрэ. И. Федосеев Уһун кылы, төрдүлэрин тэҥнээн баран, түмэн кэбиһиллэр. ГПП ТО
2 туохтуур #
Кими, тугу эмэ биир сиргэ мус, холбоо
Нууччалыы Собирать, объединять вместе кого-что-л
Бүгүн бэйэтэ олорор кыараҕас хоһугар доҕотторун уонна үлэһиттэрин түмэн, мунньах оҥордо М. Доҕордуурап Туох эмэ кэрчиктэрин бииргэ холбооттоо. Θ Собирать что-л. в единое целое. Дипломнай үлэ – бу биэс сыл устата мунньуммут билиигин түмэн оҥорор аан бастакы научнай үлэҥ.
Н. ЛугиновБу – Маяковскай улуу өрөбөлүүссүйэ кыайыытын түмэн көрдөрөр маҥнайгы бөдөҥ айымньытынан буолбута. Софр. Данилов. [Ойуунускай] норуот олоҥхотун киэҥник хомуйан, бииргэ түмэн таһаарбыта ХС
3 туохтуур #
Элбэх дьон, норуот өйүн-санаатын, күүһүн-күдэҕин холбоо
Нууччалыы Объединять, сплачивать кого-что-л. вокруг одной цели, идеи
Өйү-санааны, күүһү-күдэҕи бүтүннүү дьону буларга, доҕоттору быыһыырга түмүөххэ. Амма Аччыгыйа Доҕотторуом, бары күүскүтүн өстөөҕү урусхаллыырга түммүккүт курдук түмэн иһиҥ.
Суорун ОмоллоонОччугуй, улахан норуоттар Ол улуу биһиккэ бигэнэн, Сүрэхтиин, санаалыын биир буола, Сүбэни-соргуну түммүппүт. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС, тюрк. түг, түй ʽвязать, завязывать’