Перевод с якутского
түөлбэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы небольшой участок в какой-л. местности
English remote place, dialect
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Ойдом турар кыра соҕус сир (хол., сыһыыга, хочоҕо)
Нууччалыы Небольшой участок в какой-л. местности (напр., равнины, долины)
Балайда барбахтаат, убаҕас оттоох, үктээтэххэ кутаҥнаан биэрэр түөлбэҕэ кэлэн тохтоотулар. П. Аввакумов Көҥүс икки өттө талах ойуурдардаах, ардыгар дулҕалаах түөлбэлэрдээх кытыл буолан барар. С. Васильев Василий бу сир түөлбэлэригэр табаарыстарын кытта үгүстүк кустуур буолара П. Филиппов
2 аат тыл #
Дьон олохсуйбут сирэ, учаастага
Нууччалыы Участок, населённый пункт
Таисия Захаровна балыыһаттан уон, сүүрбэ көстөөх сирдэргэ, түҥкэтэх түөлбэлэргэ ыалдьааччыларга ыҥырыкка барааччы. Л. Попов Нэһилиэкпит Дьооку, Хоро диэн икки түөлбэлээҕэ. "Сахаада". Идэтийбит булчуттар улам аҕыйаан иһэллэр, эдэр ыччат бөдөҥ түөлбэлэргэ тардыһар Кыым Аҕыс курдуулаах Алаас сыһыыны Түөрэ кэбэн кээспит курдук Түөрт кырыылаах, дүгдэли бэйэлээх Түөлбэ маҕан холумтан.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
Миикээн ойуун, тоҕус боҕуруолаах түөлбэ хаан дүҥүрүн ылан охсон бүрдьүгүнэтэн кэбиһэ-кэбиһэ, алгыс алҕаабыта. Далан Түөлбэ бараан түһүлгэбитин, Ытык- мааны ыһыахпытын Күөҕү көмүс күөмэйбинэн Төрүттээтэҕим буоллун В. Протодьяконов
3 аат тыл #
Туох эмэ буолар сирэ, түһүлгэтэ
Нууччалыы Место проведения чего-л
Ыһыах түөлбэтин үрдүнэн Арай үөһэ күөрэйэн таҕыстым Күннүк Уурастыырап
4 даҕааһын #
суолт., фольк. Олус киэҥ, улахан
Нууччалыы Обширный, огромный по размерам
5 этии #
Нууччалыы Место, где родился и вырос кто-л., родные места
Төрөөбүт түөлбэ поэт. – киһи төрөөбүт сирэ, дойдута Төрөөбүт түөлбэбиттэн, төрүт буорбуттан тэлэһийтэлии сырыттым. С. Тарасов Биһиги сэрии да толоонугар сылдьан төрөөбүт түөлбэбитин умнубатахпыт. Н. Босиков Онно билбитим, төрөөбүт-үөскээбит түөлбэм барахсан ураты кэрэтин. Г. Колесов
6 этии #
Түөлбэ тыла төхт. көрүҥ. – хайа эмэ түөлбэ эрэ туттар тыла Хопто өссө биир ааттаах – тыкаары, бу бүлүүлэр түөлбэ тыллара. Багдарыын Сүлбэ. Суруйааччы саха литературнай тылыгар биллибэт, үгүс ааҕааччылар өйдөөбөт түөлбэ тылларын туттар. "ХС"
Нууччалыы Диалект, диалектное слово, диалектизм