ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһук

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы край

English edge; extremity

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы край

English edge; extremity

  • быһах уһуга
    остриё ножаknife edge
  • куорат уһуга
    окраина городаthe edge / outskirts of the city

2 аат тыл #

Туох эмэ сытыы туохха эмэ батары киириэн сөптөөх төбөтө

Нууччалыы Острый, колющий конец, кончик чего-л., остриё

  • Быһах уһугунан тиийэн тостубутугар дылы (өс ном.). Оҕонньор тоһоҕотун ороон ылан уһугун көрбүтэ уонна киэр илгэн кэбиспитэ.
    Н. Якутскай
  • Кыраабылы, атырдьаҕы уһугунан, төбөтүнэн сиргэ батары анньыбаккын. ПАЕ ОСС. Аарыма харыйа хойуу туораахтаах сытыы уһугунан ыксатынааҕы эргэнэ хара тыаны үрдүнэн өҥөйөн, халлааҥҥа харбаспыт
    Чолбон
  • Уһун синньигэс, сымнаҕас туох эмэ төбөтө, бүтэр өттө (хол., быа). Θ Крайняя сторона, кончик чего-л. длинного и мягкого (напр., верёвки). Күөгү уһун ойугар быам биир уһугун баайдым.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Бэлэм хааны оһоҕоско кутуллар, үс гыммыттан иккитэ буолбутун кэннэ, суон сабынан эбэтэр кылынан икки уһугун холбуу баайыллар. Дьиэ к. Быа тардыллар уһуга төһөнөн субуйуллар да, таһаҕас эмиэ соччо үрдүккэ өрө көтөҕүллэн тахсар
    ПАВ Ф-6

3 аат тыл #

Сир-дойду кытыы, ыраах өттө

Нууччалыы Край, окраина

  • Бу суол аҥаар уһуга "Үүнүү" холкуоска тиэрдэр, аҥаар уһуга кини дьонугар тиэрдэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Арай илин уһукка собус-соҕотох ордон хаалбыт, онон-манан туоһа хастанан хараарбыт кырдьаҕас хатыҥ лаглайбыт.
    С. Данилов
  • Биһиэхэ аан дойду араас уһуктарыттан туристар кэл да кэл буолаллар
    ЦСИ КСФ
Өссө холобурдар (3)
  • Бу уот, былаан быһыытынан, биһиги уһук дойдубутугар бэрт ыраахтан айаннаан кэллэ.
    Суорун Омоллоон
  • Николай Бурусов оргууй хааман кэлэн, саҥата-иҥэтэ суох уһук олох маска олорунан кэбистэ.
    А. Сыромятникова
  • Ук уһугар уһук үнүгэс, оттон сэбирдэх хонноҕор ойоҕос үнүгэс диэннэр бааллар. КВА Б. Суол алдьанар, хаайтарыы буолар кэмигэр уһук маҕаһыыннарга күннэтэ туттуллар табаар атыыга мэлдьи баар буолар. Дьону үөр

4 даҕааһын #

суолт. Ыраах, тэйиччи турар; тэйиччи сытар (хол., сир-дойду)

Нууччалыы Находящийся подальше; дальний, крайний (напр., о местности)

5 этии #

Нууччалыы В последний момент, в конце чего-л

Этиилэр

Аҥаар кырыытыттан (кытыытыттан, уһугуттан) көр аҥаар

  • Аҥаар уһугуттан түҥэтэн киирэн барабын.
    Амма Аччыгыйа
  • Кинигэ лииһиттэн биир да лоскуйу көтүппэккэ эрэ, аҥаар уһугуттан киирэн үөрэтэн барарбыт.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (2)
  • Аҥаар уһугуттан ньиэмэстэри кырга охсон баран, дойдулуох баар этэ.
    Н. Туобулаахап
  • Аҥаар уһугуттан сыбаатахха, хотуур хотуур буолуо дуо? "Чолбон".

Аҥаар уһуктатан сытар көр аҥаар

  • Эһэлэрэ мөлтөөн, аҥаар уһуктатан сытара. Бүтэр уһугар кэпс. – туох эмэ олох бүтэрин саҕана, бүтэһигэр Бүтэр уһугар эмээхсин Манчаары баһылайы кэпсээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги айаммыт бүтэр уһугар улам чугаһаан истибит.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Ол айылаах буолан баран, бүтэр уһугар уопсай тылы булабыт, мастарын олорор сирбэр тиэйэн биэрэллэр. Өркөннөөх Өлөксөй.

Быстар (өлөр) уһукка тиий

олус мүччүргэннээх түгэҥҥэ түбэһэн төрүт өлөрүҥ буол, тыыныҥ быстара чугаһаа.

Находиться на грани жизни или смерти, попав в безвыходное положение, чрезвычайную ситуацию.

  • Муммут киһи сэниэтэ-сылбата эстэн, аччыктаан муҥур уһукка тиийбитэ. Киһи киэнэ үс (түөрт, аҕыс) уһуктааҕа (кырыылааҕа) – аҕыс кырыылаах диэн курдук (көр аҕыс I). Киһи киэнэ үс уһуктааҕа сылдьар быһыылаах.

Кулгааҕыҥ уһугунан аһар

өйдөөн-дьүүллээн истимэ, болҕомтоҕо ылыма.

Пропустить мимо ушей, не обращать внимания.

  • Микиитэ кулгааҕын уһугунан истэн аһарда.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин кини ыйытар боппуруоһун сатаан өйдөөбөккө, кулгааҕым уһугунан аһардым.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Ылдьаа көннөрү кэмҥэ итини кулгааҕын уһугунан аһарыа этэ. "Чолбон".

Кулгааҕыҥ уһугунан (иһит) көр кулгаах

  • Сиһилии билбэппин эрээри, баһын-атаҕын оройкуомтан кулгааҕым уһугунан истибитим.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ойуунускай туһунан кулгаахпыт уһугунан эрэ истэрбит.
    М. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
  • Ылдьыыс "суобас" диэн тылы улахан дьон этэллэрин кулгааҕын уһугунан истэрэ да, ис хоһоонун өйдөөбөт этэ. СТП АаТ.

Кылаан бэрдэ, уһук туйгуна

атыттардааҕар уһулуччу ордук (үксүгэр дьахтары этэргэ).

Намного лучше других (обычно о женщине).

  • Үтүөкэннээх дьүһүннээх, Үрдүк үскэллээх Кыыс оҕо кылаан бэрдэ, Уһук туйгуна кини эбит.
    П. Ядрихинскай
  • Дьахтарга туһаайан этэллэр: кыыс оҕо кылаан бэрдэ, уһук туйгуна диэн.
    ПБН КСКТ

Муҥур уһук

олус ыксаллаах быһыы-майгы, ханан да быыс-хайаҕас көстүбэт балаһыанньата.

Критическое, безвыходное положение, тупик.

  • Айан киһитэ мунан-тэнэн, аччыктаан, сырата-сылбата эстэн, "муҥур уһук" диэн бу буоллаҕа дии санаабыта. (быстар) уһукка тиий (киир) көр муҥур I. Онон, бу киһи билэринэн саамай кутталлаах өстөөх мүччү туттарар уһукка тиийбитэ.
    П. Филиппов
  • Муҥур уһукка тиийэн, Эдьиэйэ эрдэ төрөөбүт уонна хойут төрүүр уулаах ынахтары солбуһуннара сылдьан көлүйэргэ дьаһал биэрбитэ.
    Н. Борисов
Өссө холобурдар (1)
  • Баайдар уонна дьадаҥылар өстөһүүлэрэ муҥур уһугар тиийэ сытыырхайбыта. "Чолбон".

Муҥур (быстар) уһукка тириэрт көр муҥур I

  • Эсердэр уонна меньшевиктар баартыйалара ити курдук муҥур уһукка тириэрдибитэ түбэһиэхчэ буолбатах. ЛВИ КБО. Ыраахтааҕылаах Арассыыйа баттала сабыта охсон, быстар уһукка тиэрдэр суолга туруорбут.
    ВУА БС

Өлөр уһукка

төрүт өлөөрү сытан; өлөр охтуутугар тиийэн баран.

Перед смертью; на смертном одре.

  • Өстөөх билиэннэйдэрэ өлөр уһукка тиийэн, дьэ бэриммиттэрэ.

Сир уһуга көр сир II

  • Хоту, сир уһугар төрөөбүтэ.

Тыл уһугунан

аахайбатахтыы, ааһан иһэн курдук.

Не обращая внимания, не придавая значения.

Тыл уһугуттан өйдөһөн

олус истиҥник-чугастык сыһыаннаһан.

Относясь друг к другу очень тепло, искренне.

  • Чыырыйалаах Тумат санааларын тылларын уһугуттан өйдөһөн, эйэ дэмнээхтик уонча сыл олорбуттара.
    П. Степанов
  • Кыра оҕо эрдэхпитинэ, санаабытын тылбыт уһугуттан өйдөһөн, бииргэ сылдьыбыппыт. "Чолбон".

Тылыҥ уһуктан

олус чобуотук, кими эмэ кыһытардыы, өһүргэтэрдии саҥар-иҥэр.

Говорить язвительно, оскорблять кого-л. словами.

  • [Омуннаах Уйбаан:] Дьэ, бу эмээхсин тыла уһуктаммыт даҕаны, доҕор.
    Н. Неустроев

Уһуга оонньуур (уһугунан оонньообут)

аһара байан-тайан, хайдах да буолуон булбат, баҕарбытын барытын оҥорор.

соотв. с жиру беситься (о потехах богатого).

  • Тот киһи уһуга оонньуур.
    ПЭК СЯЯ

Уһугунан дугуммут, (оройунан оонньообут, көрбүт),

өйүн-төйүн тута илик, туох да кыһалҕата суох сылдьар, чэпчэки олоҕу батыһар киһи (үксүгэр эдэр киһини этэргэ).

Молодой человек, проводящий время в легкомысленных затеях, в проказах; шалопай (букв. ступает на цыпочках, смотрит теменем (говорится о шалопае)).

  • Кини да уол оҕо буолан, уһугунан дугунан, уолугунан тыынан сылдьыбытын өйдөттө.
    Амма Аччыгыйа
  • Уолугунан тыыммыт, Оройунан көрбүт, Уһугунан дугуммут, Омуннаах-төлөннөөх Уол оҕо этим, оҕолоор.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Сылгы Көлүйэ хотун дьогдьойор саалыгар, килэйэр киинигэр уһукпунан дугунан, оройбунан оонньоон улааппытым.
    И. Федотов

Уһуктаах тыллаах (уостаах)

сытыы, дьээбэлээх тылллаах-өстөөх.

Умеющий и любящий острить.

  • Дьэ, эмиэ уһуктаах тыллаах киһигин быһыылаах

6 этии #

Нууччалыы Почётное место (для важного гостя)

Этиилэр

Баһык уһук 1) көр баһык

[Айыыһыт] Баһык уһукка баран Бабыгыраабытынан барда, Атах уһукка тиийэн Айхаллаабытынан барда. П. Ойуунускай. Чинарин сыттыктаах баһык уһукка өйөнөн олорон, билиэннэйи бэркэ болҕойон көрдө. Эрилик Эристиин; 2) эргэр. Бастыҥ олох (улаханнык ытыктанар-убаастанар ыалдьыты олордор сир) Баҕар, суруксут буолан, Баһык уһукка олоруом, -- Бар дьоҥҥо туһалыам. С. Васильев. Баһык уһук ыалдьыт эргэр. – улаханнык ытыктанар-убаастанар ыалдьыт.

Почётный гость.

  • Баһык уһук ыалдьыкка анаан олбох бэлэмнээбиттэр.

Бүтэр (быстар) уһуга (бараныыта) көр быһын I

  • Сэлиэнньэ бүтэр уһугар тиийэн бөлүөхсэн, бартыһааннары утары уоту астылар.
    Эрилик Эристиин
  • Улууспут быстар уһугар, Дулҕа үрэх хоонньугар Баара кыстык угун саҕа Буор сыбахтаах балаҕан.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Итини сэргэ атах өттө бүтэр уһук, саамай ыраах уонна өссө сир киэнэ куһаҕана диэн суолталардаах. Багдарыын Сүлбэ.

Бүтэр уһугар

туох эмэ (хол., ханнык эрэ кэпсээн, тэрээһин) бүтэһигэр, олох бүтэһиккэ.

В самом конце чего-л. (напр., какого-л. рассказа, мероприятия), наконец.

  • Бүтэр уһугар эмээхсин Манчаары Баһылайы кэпсээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • уһугар (тиһэҕэр) көр кэлин I. Кэлин уһугар бырда быстар, олус диэн утатар, олоро түһэр.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • Буоксаҕа кэлин уһугар күүстээхтэртэн күүстээхтэр хааланнар күрэс былдьаспыттара.
    Н. Лугинов
  • Биллэн турар, Дайбыырап мэлдьэһэр оҕонньор буолуо да, уһугар тиийэн, онтуката туһалыыра биллибэт.
    М. Попов
  • Уһугар тиийэн, үөрэххэ барарбынан сибээстээн, Степан Павлович миигин үлэбиттэн босхолообута.
    Г. Борисов

Уһук хоту

сир хотугу өттүгэр, хоту дойду түгэҕэр.

На северной стороне, на дальнем севере.

  • Саха байаан дьоннорун Саргыларын сайыннарыҥ, Уһук хоту дойдуга Уйгулаах олохто оҥоруҥ.
    С. Зверев
  • Уһук хоту сиргэ саас кэлэр, хаар хараарар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Арай Маппый гастролга уһук хоту тиийбит. Тускун.

Харандаас уһуга

харандаас уһуктаммыт, уруһуйдуур төбөтө.

Часть карандаша, которым наносят рисунок, кончик карандаша.

Ыал уһуга

нэһилиэнньэлээх пуун (хол., дэриэбинэ, нэһилиэк) кытыытыттан саҕаланар сир.

Местность, начинающаяся с края, окраины населённого пункта (напр., деревни, наслега).

  • Үөксүкү миигин бу, көскө ыытар кэриэтэ, ыал уһуга ходуһаҕа хаайан, сайылыкка таһаарбакка бохсон олорор.
    Суорун Омоллоон

Ыал уһугуттан ыал уһуга

Саһылтан Өймөкөөн уһугар диэри – алта уон көс буолуохтаах.

  • Н. Заболоцкай

«У» буукуба