Перевод с якутского
Улахан
даҕааһын, аат, аат тыл
Нууччалыы значительный по размеру, величине, силе, большой
English big, large
Ис хоһооно · 14
1 даҕааһын #
Кээмэйинэн, көстөр быһыытынан, бөдөҥ
Нууччалыы Значительный по размеру, величине, силе, большой
Улахан уҥуохтаах киһи. Сүрдээх улахан дьиэҕэ Сүүһүнэн оҕо олордо. С. Васильев Эмискэччи күтүр улахан эһэ былтас гына түстэ. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
Мииккэ оҕонньор арбайбыт баттахтаах улахан төбөтө оргууй өндөйдө А. Сыромятникова Дьэллик инньэ дии санаан, моонньоҕоннортон улаханын күүппүтэ Н. Заболоцкай
2 даҕааһын #
Бииргэ төрөөбүттэртэн сааһынан саамай аҕа
Нууччалыы Старший по возрасту (по отношению к родным, единоутробным, единокровным), старший (ребёнок)
Улахан эдьиийим Москваҕа олорор. Уоту көрөөт, уолаттар бэркэ үөрбүттэр, ол гынан баран улахан убайдарын ыыппыттар. Саха фольк Улахан уоллара, саас, от-мас тиллэн, сир кырса көҕөрөн эрдэҕинэ төрөөбүт. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
Улахан убайа Унаар Уйбаан Онно артыалы салайар С. Васильев Дьуона бу оҕолортон хайаларыттан да улаханнара, күүстээхтэрэ. Н. Якутскай Ньиэмэс уҥуоҕа улахана, акыллан көтөҕө, моонньо уһуна, “гут, гут, гут” дии турдаҕына үүт-үкчү кырдьаҕас бөтүүк курдук. Т. Сметанин Оҕонньор тыытыттан туран кэлбитигэр, кырдьаҕас киһи диэтэххэ, улаханын, билигин да толуу сэбэрэлээҕин Тордоохоп бэлиэтии көрдө С. Никифоров
3 даҕааһын #
Симигэ суох, күүстээх (хол., саҥа, тыас)
Нууччалыы Сильный, громкий (напр., о голосе, звуке)
Тоҥ уһаат доргуйар тыаһыныы, Томороон дуорааннаах, Улахан хаһыынан Ураатыы оонньоомо. Күннүк Уурастыырап Утуйа сытан сүрдээх улахан тыастан уһуктан кэллим. Т. Сметанин Эргитэн аҕалан Манчаары оҕо ортоку ороҥҥо олорорун таба көрөн баран, улахан кыыһырбыт куолаһынан бардьыгынаабыт МНН
Өссө холобурдар (3)
Оҕонньор үс кыыстааҕыттан улахана Алааппыйа. Амма Аччыгыйа Уон аҕыс оҕо төрөөн сорохторо орпутуттан Митя улаханнара этэ.
Суорун Омоллоон”Улахана быйыл сэттэ группаны бүтэрдэ, оттон аччыгыйа алтаны”, – диэтэ кини Эрилик Эристиин
4 даҕааһын #
Элбэх тутуулардаах, тэрилтэлэрдээх, үгүс киһи түөлбэлээн олорор (хол., куорат)
Нууччалыы Крупный (о населённых пунктах)
Кэмпэндээйи улахан куораттары уонна киэҥ сирдэри тууһунан хааччыйар. И. Данилов Манна билигин улахан куорат тутуллан эрэр А. Фёдоров
5 даҕааһын #
Далааһыннаах, суолталаах (хол., тутуу)
Нууччалыы Фундаментальный, значительный (напр., о стройке)
Улахан тутууга холуу көрдөххө, онто [үүтээнэ] хайдах эрэ, киһи күлүөх даҕаны, аһыныах даҕаны курдук, самнайан турахтыыр И. Данилов Кириилэптэрэ “улаханнары сырдата таарыйа, боломуочунайдыыра сөрү-сөп” аатырда. Амма Аччыгыйа Улаханнарга биир үксүн ордук сөбүлэппэккэ, сыылкаҕа утаарыллыбыт буолуохтаах. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Ис дьиҥинэн улахан суруйааччылар бары олус боростуой, олус үтүө, улахаммыт, кырабыт диэн хаһан да наардаспат дьон. “ ХС
6 даҕааһын #
Сытыы, баһымах (ыарыы туһунан)
Нууччалыы Острый (о болезни). – Ыарыыҥ улахан. – Улахан даа?
М. Доҕордуурап М. Доҕордуурап
7 даҕааһын #
Дьоһуннаах, боччумнаах, киһи ылынар
Нууччалыы Большой, значительный, важный
Эн этииҥ улахан суолталаах. М. Доҕордуурап Ол саҕана улахан үөрүүлээх Ликпуун аана аһыллыбыта. Л. Попов Юмор норуот айымньытыгар бэрт улахан миэстэни ылар. ВМГ ПТ
8 даҕааһын #
Бэйэтин идэтин ордук толору баһылаабыт, ордук үөрүйэхтээх
Нууччалыы Достигший наибольшего мастерства в своём поприще. [Захар:] Эйигин улахан уус оҕонньор дииллэрэ ээ
Биир кэмҥэ ити нэһилиэккэ сүүрбэттэн тахса улахан олоҥхоһут тэҥҥэ үөскээбитэ. С. Васильев Улахан луохтуур тахсыах быһыылаах. Үөрэҕин ылынара сүрдээх Айталын Дьоҥҥо биллэр, аатырбыт. Θ Известный, крупный, влиятельный. Хайдах итинник дьикти, эриэккэс, улахан поэт саха ханнык эрэ тыатын быыһыгар төрөөн-үөскээн ааспытын мин сөҕө саныыбын. Суорун Смоллоон. Арай Москваттан кэлэ сылдьыбыт биир улахан салайааччы ити боппуруоска мин санаабын ыйыппыта. П. Степанов
Өссө холобурдар (1)
“Баҕар, улахан кириитик тахсыаҥ”, – диир С. Федотов
9 аат тыл #
Кээмэйинэн кырата суох туох эмэ
Нууччалыы Что-л. большое, крупное, большого размера. [Бөҕүл Бөҕө:] Доҕотторум Мохсоҕол уонна Туллук, Эһиэхэ икки кытыйаны уһанан аҕаллым, Эр киһиэхэ Мохсоҕолго улаханын биэрэбин, Туллукка нарынын, намчытын туттарабын
10 аат тыл #
Уҥуоҕунан үрдүк, өндөс, тас көрүҥүнэн бөдөҥ киһи
Нууччалыы Высокий, крупный человек
11 аат тыл #
Бииргэ төрөөбүттэртэн сааһынан саамай аҕалара, ыал аҕа саастаах оҕото
Нууччалыы Старший ребёнок в семье
12 аат тыл #
Дьоҥҥо ордук дьайыылаах, суолталаах киһи
Нууччалыы Человек с большим влиянием, влиятельный, значительный человек
улахан дьон диэн курдук (көр дьон). – Оччоҕо Оччугуйуттан улаханыгар дылы Омнуота суох олоруохтара, Ордук миигин өйдүөхтэрэ, – диэбит. А. Софронов Оҕолорго улаханнар саҥалара холбоһон барда. Амма Аччыгыйа Оҕолор үөрдүлэр, улаханнар астыннылар. Н. Габышев
13 этии #
Нууччалыы Слишком уверенный в себе, взявший на себя непосильную задачу. [Куонаан (мунаахсыйар):] Эн сөпкө этэҕин буолан баран, дьэ мин оҕонньортон дьулайабын
Этиилэр
Кыратыттан улаханыгар тиийэ көр кыра
Дьон бары кыратыттан улаханыгар тиийэ түбүйэн тахсаллар ээ. Н. Заболоцкай Санаата улахан сүөл. – бэйэтигэр бүк эрэллээх (үксүгэр сатаабатар, кыайбатар даҕаны) Күтүр өстөөх санаата улахана манан диэтэҕиҥ дуу? Н. Неустроев
Өссө холобурдар (1)
Санаата улахана диибин диэн. Бүтүн наука институттара оҥорбут бырайыактарын сыыһатын кини булар үһү.
Н. Лугинов
Улахан буолбатах
“Ол диэн ахсааҥҥа ылыллыбат, суолтата кыра”, – диэн тугу эмэ аанньа ахтыбакка этии.
соотв. невелика беда.
[Куола:] Оҕонньор, эмээхсин аймах сарылаһара улахан буолбатах. А. Софронов “Отут грамм итэҕэһэ диэн улахан буолбатах, – Анна Андреевна сапсыйан кэбистэ. – Ол оннугар үлэҥ түргэтиир”. Софр. Данилов. Мөҕөр-этэр диэн улахан буолбатах. М. Доҕордуурап
Улахан кырбастаах ыал
кэччэгэй буолбатах, ботуччу аһатар ыал.
Семья с обильным угощением, не скупая, хлебосольная семья.
Улахан санаалаах
бэйэтин улаханнык сананар, улахамсык майгылаах.
Высокомерный, полный чванства, тщеславия (букв. с большим мнением).
Улахан санаалаах киһи.
Улахан сиэтин (тыыттын, үүрдүн, ыллын)
сах сиэтин (салаатын) диэн курдук (көр сах II).
Улахан сиэтин кинилэри, кумааҕылары баҕастары! Амма Аччыгыйа Доҕоор, Клим, булду улахан тыыттын, буут биэрэ охсуохха.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
[Долгунуоп:] Улахан үүрдүн кинилэри! “Норуоттан” буола-буола! ХС
Улаханы бүтэрбит (буолан)
кыраны да оҥорон баран, улаханы оҥорбут курдук сананар, туттар.
Сделал всего ничего, а держится, будто горы своротил.
[Алааппыйа:] Улаханы бүтэрбит киһи буолан саҥалаах ээ. А. Софронов
Улахан эбит
улахан буолбатах диэн курдук.
[Мотя:] Подумаешь, улахан эбит!.. Бэйэҕит ымсыыра олорор инигит. И. Гоголев – Оргууй, тоойуом. Улахан эбит, күүттүн. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
[Симаков:] Улахан эбит. Киһи уҥуоҕа хаһан баҕарар хамсыан сөп… Н. Слепцов-Туобулаахап
Улахаҥҥа уурар
бэрт судургуну, боростуойу да оҥорорун, үлэлиирин улахан эрэй, кыһалҕа курдук саныыр.
Считать выполнение какой-л. несложной работы или чего-л. обычного, обыденного за мучение, муку.
Ыччаттар илии үлэтигэр дьоҕурдара суох, бырдаҕы тулуйбаттар, куйааска буһалларын, ардахха сытыйалларын улахаҥҥа уураллар. “Кыым”. Усунуос төлүүрүн улахаҥҥа уурара. Р. Баҕатаайыскай Ол айаннарын улахаҥҥа ууран, ахтыбыттара-суламмыттара биллибэт. ХС
Улахаҥҥа уурбат
аанньа ахтыбат, ситэ сыаналаабат, аахайбат.
Совершенно не придавать значения чему-л.
Ойоҕо хоргутарын, Оҕолоро хоргуйалларын Улахаҥҥа уурбата, Иһэри эрэ ирдэстэ, Арыгыны эрэ батыста. А. Софронов Оҕонньор абааһыны улахаҥҥа уурбат. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Атын сүүйтэрэн баран, ымыр да гыммата. Биир аты улахаҥҥа уурбат, оччону көрсүбүт киһи буоллаҕа. Болот Боотур
14 этии #
Нууччалыы Крупная добыча (обычно лось, медведь, дикий олень)
Этиилэр
Күбэ туолуута (улахан туолуута) көр күбэ II
Араҕас сулус көр араҕас
“Улахан Араҕас сулуһу көрөҕүн дуо?”, – диэтэ Надежда Константиновна. М. Прилежаева Улахан булт түөлбэ. – бултаныллар бөдөҥ кыыл (үксүгэр эһэ, тайах, кыыл таба) Оттон улахан булт хайдаҕый? Далан
Өссө холобурдар (1)
“Бука, улахан булт да баара буолуо”, – Лааһар биһиги угаайыбытыгар үктэнэр. ХС
Улахан буукуба
этии саҕаланыытыгар, анал ааттарга туттуллар кыра буукубатааҕар бөдөҥнүк суруллар буукуба.
Прописная буква.
Улахан буукубаттан суруллубут тыллары булуҥ уонна быһаарыҥ. ЕНВ СТ. Сирэй саҥа хабыычыкаҕа ылыллар уонна улахан буукубаттан саҕаланар. ПНЕ СТ. Иччилэр, айыыһыттар ааттара кыра, улахан буукубаттан булкуйа сурулланнар, анал аат буолалларын мунаахсыйан ылаҕын. ФЕВ УТУ
Улахан дьон көр дьон
“Улахан дьон иирээнигэр эн булкуспакка тур!” – диэтэ Хоҥсуо Сэмэн. Амма Аччыгыйа Урут күөгэйэр күнүгэр таҥара буолан олорбута: аҕабыыт оҕону сүрэхтиирэ, кини улахан дьону сүрэхтиирэ.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Улахан дьон эрээри оҕолуу тыллааххыт. П. Тобуруокап
Улахан киһи
улахан дьон диэн курдук (көр дьон). Кыра уол Миисэ улахан киһи тугут бэргэһэтин кэппитэ аҥаар хараҕын саба түһэн кэбиспит. Амма Аччыгыйа. [Хамначчыт Сэмэн:] Уолбун улахан киһи күнүн аҥаарын суотугар ылаарай диэн аҕаллым. Бэс Дьарааһын. Улахан күөс эргэр. – балтараа-икки биэдэрэ киирэр иэннээх туой иһит.
Глиняный сосуд вместимостью полтора-два ведра, корчага.
Күтүр улахан күөстэргэ күөнэх буһарбыт эбиттэр. П. Тобуруокап Улахан кыыл түөлбэ. – хотой. Орёл. Алааспыт саҕатынааҕы тииккэ улахан кыыл уйата баара.
Улахан мөҥүрүк көр мөҥүрүк
Улахан суол
элбэх сырыылаах, кэлиилээх-барыылаах айан суола.
Большая дорога.
Киэҥ тайҕа дьиэллигэстэнэн, Киирии-тахсыы дэхсилэнэн, Улахан суол оҥоһулунна, Оройуон аартыга аһылынна. С. Васильев [Өлөксөөс:] Симаков харса да суох киһи! [Мефодий:] Улахан суол киһитэ, хайа аанньа буолуой. Н. Туобулаахап
Москва
остуоллаан бэриллэр отон буолбатах, Улахан суол оботтоох түөкүттэрэ Уобан ааһалларыгар кини анамматах.
А. Абаҕыыныскай.
Улахан уу
сааскы халаан уута.
Паводок, половодье (обычно весной).
Аҕата улахан уу дьыл төрөөбүтэ үһү.
А. КривошапкинУлахан ыарыы түөлбэ., харыс т. – куор. Корь. Улахан ыарыыны атыннык ханалытан “маама” диэн ааттыыллар эбит