ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

улуус

аат тыл

Нууччалыы улус

English ulus

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы улус

English ulus

  • «Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон
    муниципальный район «Хангаласский улус»«Khangalas Ulus» municipal district
I

2 аат тыл #

Саха сирин оройуоҥҥа тэҥнээх административнай үллэһигэ

Нууччалыы Административная единица Якутии, улус, район

  • Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.
  • Улуус харчытын биир тыһыынчаны уордьан, наҕараада ылаары сиэртибэлээтэ диир.
    Н. Неустроев
  • Саҥа олоҕу тэрийсэ Улуус аайы ананан, Уолаттар, кыргыттар таҕыстылар.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Мииринэй куоракка Өлөөн улууһун күннэрин ыытарга былааннаабыттара. “
    Кыым

3 аат тыл #

Дьон-сэргэ; биис

Нууччалыы Весь народ; племя

  • Айыы улууһа. Абааһы улууһа. Халлаан улууһа. ПЭК СЯЯ. Уһун таҥастаах улууһугар умсугутан Улахан муҥҥа угаҕын
    Өксөкүлээх Өлөксөй

4 этии #

Этиилэр

Айыы аймаҕа (күн улууһа) көр айыы I

  • Ол эрээри айыы аймаҕын, күн улууһун үтүө өрөгөйдөөх аатын түһэн биэримэ.
    Саха фольк
  • Көр бу, Ньургун Боотур обургу, айыы аймахтарын, күн улуустарын быыһаатыҥ! Ньургун Боотур.

Күн өркөн улууһа (дьоно) көр өркөн

  • Ити кэннэ хойутун хойукка диэри айыы аймаҕын, күн өркөн улууһун өлөрө-алдьата, ытата-соҥото, иэтэ-туота сылдьар буолаайаҕын. Ньургун Боотур.

Кэтэ бараан улууһа көр кэтэ II

  • Кэтэ бараан улууһа, Бэттэх буолуҥ эрэ! Т-ТИГ
    КХКК
II

5 аат тыл #

Оонньуур хаарты хараҕын ойуута, мааһа (эбиэн, туора, буугунай, чиэрбэ)

Нууччалыы Масть игральных карт (пики, трефы, бубны, черви)

  • Хаарты түөрт улуустаах: эбиэн, туора, буугунай, чиэрбэ

«У» буукуба