Перевод с якутского
умсар
туохтуур
Нууччалыы опрокидывать что-л. вверх дном
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Тугу эмэ түҥнэһиннэр, умса ыыт
Нууччалыы Опрокидывать что-л. вверх дном
Оҥочону умсар
2 туохтуур #
Сыалыгар тиийбэккэ умса тэбэр (мөлтөх тэбиилээх саа туһунан)
Нууччалыы Недотянуть до цели (о ружейном выстреле)
Чөкчөҥөтө олус улаханнык көстөр буолан, [саа] нэмин булларбакка арыт умсарар, ол иһин сыалын аччатан биэрдим Я. Семёнов
3 туохтуур #
Кими эмэ таҥнар, куһаҕаҥҥа анньан, тэбэн биэр
Нууччалыы Предавать, подводить кого-л
Сорохтор Илья Егоровиһы умсарарга дьорҕойо, үлэлии сатаабыттарын история, кырдьыгы көрүү быыһаан турар. В. Протодьяконов [Күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьаахтыыр] киһини умсарбыттар эбээт. Л. Толстой (тылб.)
4 туохтуур #
Кими, тугу эмэ суох гын, өлөр, эһэн таһаар
Нууччалыы Сразить, уничтожить кого-, что-л
Миигин соҕотох оҥорбут, киһи аатыттан аһарбыт, чыыннаах-хааннаах буолан умсарбыт эн тураҕын! А. Сыромятникова Оттон мин, бэйэм ааҕыыбынан, уонтан тахса фриһи умсарбытым. И. Сосин Мин уон хонук иһигэр уон биир ньиэмэс сөмөлүөтүн умсарбытым. КИ