ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

умуллар

туохтуур

Нууччалыы тушить

1 туохтуур #

Умайа турар (сытар) уоту сабыта охсон эбэтэр уу кутан умайарын тохтот

Нууччалыы Тушить (огонь)

  • Арай соһуччу, улахан баҕайы холорук баар буола түспүт да, уоттарын, ууларын хара буорунан сабыта охсон умулларан кэбиспит уонна сүтэн хаалбыт. ИСА. Кини сиргэ, тыаҕа хонон, күөстэнэн, тохтоон аастаҕына, уотун олус кичэйэн умулларара
    ХС
  • Уоту сап, араар. Θ Гасить, выключать (свет). Серёжа тыйаатырга арыый хойутаан тиийдэ. Уоту умулларбыттар. Хайыы-үйэ саҕаламмыт.
    Н. Лугинов
  • Утуйаары оҥостор. Өрө тыынар. Эмиэ сытар, Лаампатын умулларар
    Баал Хабырыыс

2 туохтуур #

Ханнык эмэ тиэхиньикэ үлэтин тохтот

Нууччалыы Останавливать работу какой-л. техники, заглушать, выключать

  • Тыраахтары умуллараары гыммыттар да, сатаан умулларбатахтар. КК

3 туохтуур #

Сайдан, күүһүрэн барар тугу эмэ (хол., санааны, иэйиини) мөлтөт, сыппат, саба баттаа

Нууччалыы Не давать развиваться чему-л. (напр., чувствам, порывам), заглушать, гасить

  • Көр ити, Сергей хайдах курдук Ларисатын билиҥҥэ диэри таптыырый?! Кинилэр тапталларын ыарахан ыарыы да умулларбатах.
    Т. Находкина
  • Эн бэрт кэрэхсэбиллээх санааны ылыммыккын, ону умулларыма
    ХС

«У» буукуба