ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уобус

1 #

уоп I диэнтэн холб. туһ. [Күн Толомон Ньургустай] Үөлүллэн турар Буур тайаҕы тардан ылан, Олорон кэбистэ да, Уһаты-туора Уопсубутунан барда. ТТИГ КХКК

2 этии #

Этиилэр

Кутурук уопсан көр кутурук

  • Ойууру өрө барчалаан Эһэм бу тиийэн кэллэ. Олох кутурук уопсан Өрө ытынна тииккэ.
    Баал Хабырыыс
  • Ыттара өлбүт эһэ үрдүгэр түһэр, куттаннаҕа буолуо, куоппут эһэни кутурук уопсубат. “Кыым”.

Олук уопсар көр олук

  • Билигин да бултаан, кадровай булчуттары тиҥилэх үктэһэр, олук уопсар.
    ХС
  • Самалык уобус түөлбэ. – саппай уобус (үктэс) 2 диэн курдук (көр саппай).

Саппай уобус (үктэс) көр саппай

  • Айсен аҕатын ситтэ, оҕонньор кэнниттэн саппай уобуста. Софр. Данилов. Кулгаах истэринэн, тыл кэпсээнинэн буоллаҕына, киниэхэ тэҮҮҮҥнээх, саппай уопсар киһи төрөөбөтөх. Саха сэһ. II.

Тилэх уопсар көр тилэх

  • Уолчаан, чэпчэки хаптаһын ааны тэлэйэ баттаат, таһырдьа ыстанна. Кинилиин эдьиийэ тилэх уобуста. “ХС”

«У» буукуба