ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уолук

аат тыл

Нууччалыы верхняя часть груди

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Моой төрдүнэн, түөс уҥуоҕун үрдэ

Нууччалыы Верхняя часть груди

  • Кыыс дьахтар сүрэҕэ уолугар тахсан мөҕүстэ.
    Н. Павлов
  • Куйааһа бэрт, күн уота оҕолор илиилэрин, атахтарын, аһаҕас уолуктарын ууруур. Дьүөгэ Ааныстыырап. Лөгөнтөй уолукка астарбыттыы, өрө чинэкэлии түстэ
    Р. Кулаковскай

2 аат тыл #

Таҥас саҕатынан аһаҕаһа

Нууччалыы Ворот одежды

  • Лёва үөс батааскы биэрбэккэ, Арамааскыга ойон тиийэн уолугар түһэн илгиэлээбитинэн барда.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кынчаайап тула көрүтэлээтэ, Уолугун тимэҕин сүөрүтэлээтэ.
    С. Васильев
  • Уолаттар, уолуктарын нэлэкэйдэнэн, өрүтэ уһуутууллар
    П. Аввакумов

3 этии #

Нууччалыы Наесться до отвала (букв. наесться до верхней части груди)

Этиилэр

Сүрэҕэ уолугун үүтүнэн тэбиэлээтэ көр сүрэх I

  • [Лөгөнтөй:] "Бассабыыктар! Миигин тута кэллэхтэрэ" дии санаата, сүрэҕэ уолугун үүтүнэн тэбиэлээтэ.
    Р. Кулаковскай
  • Уолугар диэри тотто кэпс. – аһа уолугар тиийиэх курдук отто Киэһэ дьоммор тиийэн уолукпар диэри тотор гына аһаатым. Тэҥн. тылбыытыгар диэри аһаабыт.

Уолугунан көрбүт (тыыммыт)

оройунан (төбөтүнэн) көрбүт (тыыммыт) диэн курдук (көр көр I).

  • [Бухатыыр дьиэтэ] Орто дойду Уолугунан көрбүт, Оройунан оонньообут Орой мэник уолаттара кэлэннэр Тоҕута тардан кэбиһиэхтэрэ диэн Түөрт хос истиил таас Эркиннээх эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Ама да кини бүгүҥҥү күнэ буолан, кырдьан-буорайан, муҥу көрбүтүн, буору сөхпүтүн иннигэр, кини да уол оҕо буолан, уһугунан дугунан, уолугунан тыынан сылдьыбыта эбээт!..
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Уолугунан тыынан, чуораан курдук тылыгыраан, уол оҕо көстүбүт дии, дьэ.
    Э. Соколов

Уолугун төрдүгэр уохтаах

олус ыгым, уолҕамчы.

Опрометчиво горячий, раздражительный

4 этии #

Нууччалыы С двойным подбородком, с высоко выдавшимся горлом

Этиилэр

Оҥойор уолук көр оҥой

  • Уорай халлаан Улуу өксөкү кыыла [суору] Оҥойор уолугуттан Умсары харбаан ылан Уот кудулу байҕал Ортотугар түһэрдэ. Нор. ырыаһ. [Суотчут Попов:] Сүрэҕим көбүөхтээбитинэн оҥойор уолукпар тахсан олорон кэбистэ.
    М. Доҕордуурап
  • Томторҕолоох уолуктаах фольк. – икки хос сыҥаахтаах, анньа сылдьар хабарҕалаах Хайдах эрэ үтүө, Дорҕоонноох саҥалаах, Томторҕолоох уолуктаах, Тор курдук бытыктаах, Суо-хаан бэйэлээх Эр киһи үтүөтүттэн Үөскээтэ оҕолоор… Саха нар. ыр. II.

Уолук төрдө

уолук саамай аллараа өттө.

Самая нижняя точка надгрудья.

Өссө холобурдар (1)
  • Борокуоппай эрэйдээх бүппүт, уолугун төрдүгэр эрэ тыынар дэһэллэр.
    И. Бочкарёв

Уолук үүтэ

моой төрдүнэн, түөс уҥуоҕун үрдүнэн баар оҥхой.

Впадина надгрудья.

  • [Ийэ чубуку] кэннинэн чугуйуон оҕолоро мэһэйдииллэрэ, иннин диэки ыстаныан мин бэрдээним уоһа кинини уолугун үүтүн кыҥыыра.
    И. Гоголев
  • Уоран түспүт түөкүнү Уолугун үүтүгэр ытааччы Охлопков аатыгар Оҕуруолаах тылынан Оһуохайдыы туруоҕуҥ!
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Мин тыыным кылгаабыкка, хараҕым бүөлэммиккэ дылы буолбахтыыр, түөһүм иһэ – уолугум үүтэ аһыйбахтыыр. “ХС”

«У» буукуба