ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уоптар

Нууччалыы сильно ударить кого-л., влепить, вмазать кому-л

1 #

Кими эмэ күүскэ саай, оҕус, сырбат

Нууччалыы Сильно ударить кого-л., влепить, вмазать кому-л

  • уоп I диэнтэн дьаһ. туһ. Уҥуо эмиийин Уордайа олорор Уолугар уоптарда.
    П. Ойуунускай
  • Тоойуом, өскө суор күөгүгэр иҥиннэҕинэ, ону ылан көстүүлээх сиргэ уһун ураҕас төбөтүгэр ыйаар, айаҕар куобах сэмнэҕинэ уоптараар.
    И. Федосеев
  • [Абрам:] Хата мин табахпын быраҕыа суохпун. Аны хамсабын уоптарбытынан хаһыаттыыллара буолуо. Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (3)
  • Ыһыытаабытынан Ыга сүүрэн кэлэн, Уҥа хараҕар уоптарда.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Киргиэлэй хаҥас илиитинэн тыастаахтык Дарбааһабы уҥа иэдэһигэр уоптарбытыгар, эмиэ түөрэхтэнэ түстэ.
    В. Протодьяконов
  • Ааһан иһэр биир киһини Хаарынан мин уоптардым! А. Барто (тылб.)

2 этии #

Этиилэр

Буору уоптар көр буор

  • Нөҥүө күнүгэр -- фашистары уот биһилэх ортотугар хаайбыппыт, үлтү сыспыппыт, буору уоптарбыппыт.
    Д. Очинскай

Оноҕоскутун ылыаххыт (уоптарыаххыт) көр оноҕос

Күүһүлээн көрүҥ

Көрдөрүөхпүт, Оноҕоскутун уоптарыахпыт!!!

  • Күн Дьирибинэ.

Сирэйгэ уоптар көр сирэй

  • [Тээллэриис] Бэдэр Хараҕы сирэйгэ уоптарбыт уонна таһырдьа ыстаммыт.
    И. Гоголев
  • Уолчаан -- кытара уойбут киһини абатыттан сирэйгэ уоптарыаҕын илиитэ кэлгиэлээх буолла. “Чолбон”.

Сыҥааҕын тыаһат (сыҥаахха уоптар) көр сыҥаах

  • Өссө охсоору сохсоһуйан эрдэҕинэ, киһитэ, халбарыс гынан, сыҥаахха уоптаран түҥнэри дайбаан кэбистэ. “Саха с. ”

«У» буукуба