Перевод с якутского
уруй
ынырыы, аат тыл
Нууччалыы слово, выражающее пожелание блага, счастья, благословение
English glory
1 аат тыл #
Дьолу-соргуну түстээн этэр алгыс тыл
Нууччалыы Слово, выражающее пожелание блага, счастья, благословение
Эллэй Боотур түһүлгэ диэн оҥорон, сылгы, ынах кымыһын мунньан, Үөһээ айыыларын алҕаан, сөһүргэстээн олорон уруй охсон алгыыр. Саха фольк Үлэһит норуот көҥүлэ туругурдун диэн улуу уруйу этиэххэ.
П. ОйуунускайЫрыа чыычаах кэриэтэ Улуу Москубаҕа Уһаарыллан тиийэҥҥин Уус тылгынан уруйда тут С. Зверев
2 аат тыл #
Үрдүк үөрүү, дьол, өрөгөй; уйгу-быйаҥ
Нууччалыы Большая радость, счастье, торжество, ликование; благодать
Дьол тосхойдун, Туску туһаайдын, Мичил билистин, Айхал ананнын, Уруй олохтоннун!
Өксөкүлээх ӨлөксөйОлоҥхолуу уруй олохтонуо, саас кэлэринии саргы куруутун салаллыа.
Суорун ОмоллоонЫраас, сырдык ыра туоллун, Уһун тускул, уруй буоллун! Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (3)
Күүстээх үлэни көтөхпүт-сүкпүт, Үлүгэри үтүрүйбүт үлэһит норуота, Көтөҕүллэн туран көрүүй! Уруй! Уруй! Уруй!
П. ОйуунускайУруй буоллун, доҕоттоор, уруй! Күннүк Уурастыырап Саала иһэ өссө сырдаата, Саргы! Уруй! Сатараата С. Васильев
3 аат тыл #
суолт. Үөрүүнү-көтүүнү, өрө көтөҕүллүүнү, сөҕүүнү-махтайыыны көрдөрөр айхаллыыр тыл
Нууччалыы Слово благопожелания, выражающее радость, воодушевление, восхищение, соответствующее русскому "слава!"