Перевод с якутского
уталый
туохтуур
Нууччалыы медлить, задерживаться, опаздывать
1 туохтуур #
Уһаан, тардыллан хаал, бытаар
Нууччалыы Медлить, задерживаться, опаздывать
Ол да буоллар биһиги уталыйарбыт букатын сатаммат. Софр. Данилов. [Аламай Күн] уталыйбакка улуу сорудаҕар аттанна. Д. Апросимов Маннык күүстээх ыҥырыыны истэн баран, уталыйбакка улуус быраабатыгар тиийдэ Н. Павлов
2 туохтуур #
Уһаан-кэҥээн быһаарылла охсон биэримэ, өтөрүнэн буолума (хол., туох эмэ боппуруос, дьыала)
Нууччалыы Тянуться долго (напр., о каком-л. вопросе, деле)
Мин бу диэки кэлэ сылдьар баҕалаах этим, онтум туой уталыйдар уталыйан испитэ. В. Протодьяконов Били өйүүн буолуо диэн болдьоммут мунньахтара улам-улам уталыйан истэ. И. Никифоров Дойдутугар төннөр баҕа санаата сылтан сыл уталыйан, уота-күөһэ умуллан да барбыт Ойуку