ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хараар

туохтуур

Нууччалыы темнеть, чернеть

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Хараҥа өҥнөөх буол, хара буолан көһүн

Нууччалыы Темнеть, чернеть

  • Тэйиччи соҕус кырдал үрдүгэр хоруобуйата суох улахан ампаар дьиэ хараарда.
    Н. Габышев
  • Наахара хараҥа ойуур иһинэн баран иһэн, туох эрэ харааран турарын көрдө.
    Т. Сметанин
  • Ыарыылаах хортуоппуйу хайа быстахха иһигэр биһилэхтии төгүрүччү дьураалаах буолар. Кэлин онтон бэргээн, тарҕанан хортуоппуй иһэ хараарар, сытыйан барар
    ФНС ОАҮүС

2 туохтуур #

Киртийэн хараҥа (хара) өҥнөөх буол, киргэ биһилин, кирдээх буол

Нууччалыы Запачкаться, загрязниться

  • Ырбаахы килэрийэ хараарбыт саҕатын көрөн баран санаарҕаан олорбохтоото.
    И. Гоголев
  • [Алааппыйа:] Ити мас көтөҕөн киирдим да, илиим хараарбата (олорон табах тардар).
    А. Сыромятникова
  • Илии кэриҥэ кирдээх, уот төлөнугар тордонон илии кэриҥэ хараарбыт биэс-түөрт киһи аһыыр алтан чаанньыгын ылла [отчут]
    Чолбон

3 туохтуур #

Уутуй, ууллан хаал, суох буол (хаар туһунан этэргэ)

Нууччалыы Таять, исчезать, чернеть (о снеге)

  • Уһук хоту сиргэ саас кэлэр, хаар хараарар.
    Н. Якутскай
  • Халдьаайы сирэйэ харааран, халыҥ хаар хара уу буолан халдьыгырыы уһунна.
    М. Доҕордуурап
  • Саас этэ. Хаар ууллан, сир харааран, күөх от саҥардыы бытыгыраан эрэрэ
    Чолбон

4 этии #

а хараарыа – аата киртийиэ, аатын киртит диэн курдук (көр аат I). Дьахтары сынньар, мөҕөр умнуллуоҕа, сүтүөҕэ.

Нууччалыы Испытывать жажду, сильное желание пить

Этиилэр

Биир эмэ оннук киһи баар буоллаҕына

иирбит ыт курдук туора көрүллүөҕэ, аата хараарыаҕа, сирэйэ киртийиэҕэ, онтон атын буолуор сатаммат.

  • Чуо мин туспар кыһалларынааҕар оскуола аата хараарыа диэн айманара ордук улахан быһыылаах. Софр. Данилов.

Айаҕа хараарар

айаҕа кытарар (оҥойор, хараарар) диэн курдук (көр айах I).

  • Күтэр Уйбаан буоллаҕына бурдугу ыйытыыта суох бараабыт моҕотойдору, күтэрдэри үҥсэн айаҕа хараара турда.
    Н. Заболоцкай
  • Бэлэһэ хараарар (кытарар) (көр бэлэс). – Айыы, күтүрү ол мин туох диэн сымыйалыам буоллаҕай? – Төһө да мэлдьэһэн, бэлэһиҥ хараардар, төрдө, бука, эйигиттэн төрөөтөҕө буолуо оҥоробун.
    М. Доҕордуурап

Көхсө хараарда

утатан ыксаата Иһэргэ ыраас уу суоҕа, аспыт саппааһа бүппүтэ.

  • Аччыктаан аҥаарбыт буолбута, утатан көхсүбүт хараарбыта.
    И. Сосин
  • "Бүгүҥҥү күннээххэ утатан көхсүм хараарда", – ыалдьыт дьахтар итии чэйи ыйырбахтыы иһэн, хараҕын быһыта симмэхтии олордо.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Мин бааһыран сытарбын билэбин. Уу иһиэхпин олус баҕарбыппын. Утатан көхсүм хараарбыт. "Чолбон".

Күлүгэ хараарбыт көр күлүк

  • Миигин да өлөрөн ордук үтүө ааттаныаҥ суоҕа… Дьөссө тыыныҥ ыарыа, күлүгүҥ хараарыаҕа. Ньургун Боотур. Үтүөҕэ тисксиэм суоҕа, Хата, Тыыннааҕы быстахпына, Тыыным ыарыа, Күлүгүм хараарыа.
    А. Софронов
  • "Күн ыраахтааҕыны, айыы тойон таҥараны олус умнума эрэ. Тылгын уһатабын диэн күлүгүҥ хараарарай?" – кинээс кыыһыран барда.
    М. Доҕордуурап

Күнэ хараарда көр күн

  • Хаһан эрэ кыһалҕаҕа ылларан, күнэ харааран сылдьар устудьуон уолчаан куруук, Семён Романович преподавателин дьиэтиттэн уларыйан тахсыбыта.
    Н. Лугинов
  • Сибилигин аҕай тырымныы дайар аҕам, күн анныгар көрбөтөх күндү доҕорум умсубуттара. Онон буруом умуллубута, күнүм хараарбыта.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Умайар уот куйааска тамаҕыҥ кууран, бэлэһиҥ хатан, күнүҥ харааран турдаҕына, ууга тэҥнээх тугу булуоҥуй?!
    П. Аввакумов

Тиҥилэҕэ харааран хаалла (тилэҕэ хараарда) көр тиҥилэх

  • Куотан иһэр фрицтэр Хойуостана түстүлэр, Тэскилээн эрэр немецтэр Тилэхтэрэ хараарда.
    С. Васильев
  • Кыракый уоллаах кыыс эргэ балаҕан диэки илии-илиилэриттэн сиэттиһэн, сырсан тиҥилэхтэрэ хараара турбута.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • "Чэ-чэ. Бар!" – дэтэн баран, сыыһа-халты чэйдээт, ахтылҕаннаах доҕоттордоох бөһүөлэгим диэки сүүрэн тилэҕим хараара турбута.
    ХС

Тыына хараарда

1) көхсө хараарда диэн курдук. Биитэр эн хатыҥыҥ былаҕа Сут дьылтан тыына хараарар Дьадаҥы биир ала ынаҕар Абырал буолта буолаарай? Эллэй. Тот киһи маннык күннэргэ дууһалыын, санаалыын сырдыыр, оттон аччык киһи тыына-быара ордук хараарбыкка дылы буолар. "ХС"; 2) өллө, тыына быһынна.

Умереть, отдать богу душу, скончаться.

  • Отонун төлө тутта, Оронугар оҕутта, Хамсаабакка хам барда, Хаарыан тыына хараарда.
    В. Чиряев

Субу айыы

кэрэ кыыс доҕоро өллөҕүнэ кини [Куралай Кустук] эмиэ тыына хараарыах курдук, туостуу кубарыйа көҕөрөн, доҕорун одуулуу-кэтии, далбааран тураахтаата.

  • Д. Апросимов.

Хараара иирбит

хараарчы иирбит диэн курдук (көр хараарчы II).

  • [Мэхээс оҕонньор:] Хараара иирбиппин… Бу Баай Байбал баайыгар иирэммин, соҕотох оҕобуттан, мата сыстым дии.
    П. Ойуунускай
  • Уруһуйунан хараара иирэн истибэтэх да, суруйбатах да тиэмэтэ элбэх буолан таҕыста.
    Н. Босиков

Хаана хараарбыт

хаана (хаана-сиинэ) ыараата диэн курдук (көр хаан).

  • Аҕам сүрдээҕин кыыһырбыт Хаана хараара уларыйбыт.
    Саха фольк
  • [Тыыхан] Уруккута-уруккутунан эрээри хаана хараарбыт, сылайбыт-элэйбит көрүҥнээх.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
  • Киһини өлөрбүт киһини хаана-сиинэ ыараабыт, хараарбыт киһи дииллэр.
    КОК

«Х» буукуба