ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

харк гын

туохтуур · этии

Нууччалыы издавать звук, похожий на треск, хрупанье (напр., о звуке раздавленной сухой бересты). [Кулун Куллустуур] Хата мүһэлэрин силиитин харк гына обортолоон ылбыта

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. "Харк" диэн биирдэм тыаһы таһаар (хол., эриллэ сылдьар хаппыт туоһу үктүүргэ, уҥуох силиитин оборон ылар тыас туһунан)

Нууччалыы Издавать звук, похожий на треск, хрупанье (напр., о звуке раздавленной сухой бересты). [Кулун Куллустуур] Хата мүһэлэрин силиитин харк гына обортолоон ылбыта

  • ТТИГ КХКК. Тайах мас кини [Болот] даллаҕар кулгааҕын сиирэ-халты солоон, санныгар кэлэн сырбатта уонна икки аҥыы харк гынан хаалла
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Эмискэ өлөн хаал, суох буол

Нууччалыы Внезапно умереть

  • Кырдьаҕас киһи үлэлии сылдьан биирдэ харк гынан хаалыам буоллаҕа.
    И. Сосин
  • Бу сырыыга киһибэр атын кыыс-намчы уолчаан холбоспут. Бып-быыкаайык, хап-хатыҥыр. Хайдах эрэ субу "харк" гынан хаалыах курдук".
    С. Федотов
  • "– Хайа, мин хаһан эрэ харк гыннахпына хайдах соҕотоҕун бу ураһаҕын иччилээн хаалыаҥый, – диэбитэ аҕата
    Чолбон

«Х» буукуба