ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хатар

туохтуур

Нууччалыы привязать кого-л

Ис хоһооно · 4
I

1 этии #

  • хат I диэнтэн дьаһ. туһ. Күөнэҕи ситэ буһарбакка эрэ, күн уотугар хатардахха барча диэн үлтүрүйэ сылдьар ас буолар.
    Амма Аччыгыйа
  • Хата, дьоллоругар, сайын биир тайаҕы бултаан, ол этин хатаран сииллэр.
    Н. Якутскай
  • Уйбаанчык кыраабылын маһын хаҕыттан ыраастаан кылбатта уонна үөһэ хатара уурда. "Чолбон". Бу үүнээйи дьааттаах. Онон хомуйарга да, хатарарга да, сэрэхтээх буолуохха наада. ТКП ТДЭҮү

Этиилэр

Баһын хатар көр бас II

  • [Ньургун:] Өссө биирдэ артыыстыаҥ да, бу саанан бэйэҥ баскын хатарыам.
    У. Ойуур
  • Саха бэргэн уолаттара элбэх фашист баһын хатарбыттара.
    ХС

Туйаҕын хатар көр туйах

  • Дьэ, Сүөдээр, эн санааҥ хоту буолла. Туйаххын хатарыах уол оҕолоннуҥ!
    И. Гоголев
  • [Эбэм:] Оҕом, эһэтин туйаҕын хатардаҕына, бастыҥ булчут буолуо.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Валерий аҕатын туйаҕын хатаран, Москватааҕы авиационнай институту бүтэрбит.
    ХС
  • Тыҥыраҕын хатар түөлбэ. –туйаҕын хатар диэн курдук (көр туйах)

2 этии #

Нууччалыы Привязать кого-л. к какому-л. месту, удерживать в одном месте

Этиилэр

Хам хатар

кими эмэ ханна да ыыппакка, биир сиргэ хаайан олорт Отут биэс сыллааҕы архыыппын хастарда, -- Уон хонук устата хоспор хам хатарда.

  • Эллэй. Кыыһын эргэ биэрбэккэ хам хатарбыта. А. Софронов
II

3 туохтуур #

Бөҕө-таҕа, кытаанах, алдьаныгаһа, үлтүрүйүмтүөтэ суох оҥороору тимири кытардан баран түргэнник сойутаары тымныы ууга ас, ук (тимир оҥоһуктары этэргэ)

Нууччалыы Калить, закаливать (об изделиях из железа)

  • Үгүс күн-түүн үлэлээммин, Бу чуор тимири уһаардым, Эрийдим, тартым, хатардым.
    С. Данилов
  • Хас биирдии уус тимир тэрили төһө уһуннук, бытааннык, түргэнник сылытан, ханнык убаҕаска хатарарыгар, төнүннэрэригэр тус-туспа ньымалардаах, кистэлэҥнэрдээх буолар. ААФ ОИОИС. Тимири сатаан хатарар сытыы биилээх уус туспа аатырара, суон сурахтанара
    МАП ЧУу

4 туохтуур #

Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн күүстээх, тулуурдаах оҥор

Нууччалыы Закаливать (физически и морально)

  • Хатардын эти-хааны Хатан, көйүү кымыспыт.
    И. Гоголев
  • Талааннаах буоллаххына, бэйэҕин бэйэҥ буһарынан, хатарынан таһаарыаххын сөп. ПНИ АДХ. Сэрии ыарахана булгуруппатаҕа, Сыралаах үлэ биһигини хатарара. Эҕэрдэ СС. Биһиги кэммит суруйааччыга ыарахан кэм! Ол эгэ бэрт: киһини буһарар, хатарар, хамсатар
    Чолбон
  • Тулуурдаах, уҥумтуота суох быһый гына оҥор, баай (үксүгэр сүүрүк аты этэргэ). Θ Сгонять, спускать жир, сушить мышцы (обычно о скаковой лошади). Бу уолаттар ханна бараары-кэлээри аттарын итигирдик баайдахтара, хатардахтара буолуоҕай? ПЭК ОНЛЯ III. Уолаттар обургулар -- Аттарын лыҥкыначчы баайдылар, Аһаппакка хатардылар. ТТИГ КХКК. Уорааннаах Охоноон аттарын баайан, хатаран барбыттара [ат сүүрдүүтүгэр бэлэмнээн]
    И. Федосеев

«Х» буукуба