Перевод с якутского
хаһаан
туохтуур
Нууччалыы заготовить что-л. впрок
1 туохтуур #
Тугу эмэ инникигэ анаан эрдэ бэлэмнээ, мус (хол., аһы, кыстыыр маһы)
Нууччалыы Заготовить что-л. впрок (напр., какую-л еду, дров на зиму)
Тииҥнэр мас мутугар хараҕалаан хаһааммыт тэллэйдэрэ түүрүллэ хатан тураллар. Амма Аччыгыйа Өлөрбүт булкун-аскын хаһаанар сыыһа, чугастааҕы ыалларгыныын үөрэ-көтө үллэстэн, аһаан-сиэн үргэнньиктээн кэбиһиэхтээххин. Далан Күөгэйэр күнүм саҕана уон ынахтанан сылдьыбытым. Онно үстүү бууттаах түөрт саар ыаҕас арыыны хаһаанарбыт М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Тугу эмэ эппэккэ эбэтэр хойут этиэм диэн бэйэҕэр сөҥүөрэн сырыт (хол., туох эмэ санааҕын, быһаарыыгын, көрүүлэргин о. д. а.)
Нууччалыы Не делясь ни с кем, держать что-л. при себе (напр., своё мнение, решение, взгляды на что-л. и т. д.)
Чэ, оччоҕо бэйэбэр хаһаана сылдьыбыт саппаас биричиинэбин этэбин.
Н. ЛугиновАнаний этиэх буолан хаһаанан сылдьыбыт санаатын этэн, сүгэһэрин түһэрбит курдук, чэпчээтэ. М. Доҕордуурап Ср. ДТС хазҕан ‘приобретать, добывать’