Перевод с якутского
кээлээни
аат тыл
Нууччалыы шаманский дух
1 аат тыл #
, бэй. туһ. Ойуун абааһыта (имэҥ киллэрэр, кэлэҕэй уонна доҕолоҥ, аччык курдук ойууннар көрдөрөллөрө)
Нууччалыы Шаманский дух (представляется духом сластолюбия, заикающимся, хромым и голодным)
Ойууннар, кээлээнилэрин киэр араартаан баран, аны Төгүрүк алаас иччитин, чугастааҕы дойду иччилэрин алҕаатылар, ааттастылар. Н. Якутскай Кыыкыллаан ойуун кээлээнилэрэ абааһыны кыайан, айыы киһитин тириэрэр туһунан өрөгөй ырыатын ыллыыллар. ВВМ. Ким-хайа Илдьит-хоруй буолан, Кэлэн бардыҥ диэтэргин, Кэпсэҕэй кээлээнитэбин, Соххор муоһаанытабын. Т-ТИГ КХК К. Ср эвенк. кээлээ-мии 'передавать просьбу'
2 аат тыл #
Маска үөскүүр олус бытааннык сыҕарыйар уҥуоҕа суох үөн (моллюска бииһэ)
Нууччалыы Улитка кустарниковая
Кээлээни муҥур харыйа устатыгар тоҕус хоммутугар дылы (өс ном.). Кэрпэс айаннаахтан кээлээнини кэпсииллэр - Тэҥкэ тиитин устатыгар сэттэ хонор диэн.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТууй-сиэ! Кээлээни курдук быһа нэһирэ сытыйбыккын... - Кулуба көмүлүөк чанчыгар өйөннөрүллүбүт үөт-түрэх диэки үөстээҕинэн көрүтэлээтэ И. Гоголев
3 этии #
Нууччалыы Не соглашается ни с кем, ни с чем, заупрямился
Этиилэр
Кээлээни курдук кэтэххинэн тиэй көр кээлээнитэ киирдэ
Өбүгэ үгэһиттэн аккаастан, холкуоска киир диэтэххэ, кээлээни курдук кэтэхтэринэн тиэйэ сытар этилэр. Н. Апросимов. Кээлээнитэ (кээнээнитэ) киирдэ - иннинэн буолан киһи тылын истибэт буолла, өһөс хаана киирдэ Кээлээни ындыыта кэлтэгэйдээбитигэр дылы - кыраны сатаабаттан дьыала бытаарар, туормастанар.
Подобно тому, как вьюк кээлээни все время кренился в одну сторону - говорят, когда дело тормозится из-за неумелости в пустяке