ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ходуһа

аат тыл

Нууччалыы покос, сенокосное угодье, покосный луг

English meadow

1 аат тыл #

Оттуур, оттонор сир

Нууччалыы Покос, сенокосное угодье, покосный луг

  • Охсуллубут күөх от сыта Ходуһаҕа тарҕанар.
    С. Данилов
  • Сүөһү иитэргэ ходуһата, мэччирэҥэ суох табыллыбаккын. Хомус Уйбаан. "Ходуһаҕа сүөһү туйаҕа – уот, сылгы – аһыҥка айах" диэн норуот ходуһалары тэбистэрии хайдах курдук дириҥ хоромньулааҕын, улахан иэдээннээҕин олус сытыытык этэн-саҥаран кэпсээбит
    ЕВФ УуДК

2 аат тыл #

Ким эмэ баһылаабыт идэтэ, дьарыга, үлэтэ

Нууччалыы Занятие, дело, которым отлично овладел кто-л

  • Ырыа, үҥкүү, музыка – дьэ ол кини ходуһата.
    Амма Аччыгыйа
  • Эллэй поэзиятын күөх, өлгөм ходуһатыгар аанньа кэбиһиллибэтэх, субурҕанан кэриэтэ сытар оттору хомойо көрсөбүт.
    ХС
  • Сэрии күргүһэ Чапаев ходуһата этэ. Кыра да чуумпура түһүү буоллар – кини эрэйдэнэр, киҥэ-наара холлор, санааҕа түһэр. Д. Фурманов (тылб.)

3 этии #

Этиилэр

Ходуһа сирэ көр ходуһа

  • Төрөөбүт сирин соболоох, мундулаах күөллэрэ уолан, балыктара баранан, уолбатыйан, ходуһа сирэ буолан хаалбыттар.
    Н. Якутскай
  • [Сэмэн] кэнники ходуһа сирэ суох буолан, сыл аайы от атыытыгар хороноро.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. хадаса ʽпокос’

«Х» буукуба