ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хонуу

аат тыл, аат, даҕааһын

Нууччалыы поле

English field

Ис хоһооно · 7
I

1 аат #

хон диэнтэн хай. аата. Тыаҕа хонуу. Хойутаан хаалан, түбэһиэх хонуу буолла. АаНА СТОТ

II

2 аат тыл #

От үүнэригэр сөптөөх кураанах дэхси сир

Нууччалыы Поле; поляна, луг

  • Хонууга хорос, сыһыыга сырбас гынар баар үһү (тааб.: туруйа, саһыл). Охсуллубут от сыта, дьикти үчүгэй сыт, хонууттан дыргыйар.
    Далан
  • Киэҥ хонууларга сылгы, ынах, бараан, осёл уонна тэбиэн халҕаһа курдук ааспыттар
    Эрилик Эристиин

3 аат тыл #

физ. Ханнык эмэ күүс сабыдыала биллэр, көстөр эйгэтэ (куйаара)

Нууччалыы Пространство, в пределах которого проявляется действие каких-л. сил, поле

  • Биһиги кыраныысса таһыгар магистральнай турба боруобаттары уу анныгар сыбааркалааһыҥҥа, магнитнай хонууга алюминийы уонна алтаны кутууга – лиссиэнсийэлэри атыылыыбыт.
    ПА
  • Электромагнитнай хонуу
    РЯС
  • Хонуу сибэккилэрэ. Хонуу чыычааҕа. Хонуу ото

4 аат тыл #

Саахымакка, дуобакка оонньуурга үрүҥ, хара харахтартан турар дуоска

Нууччалыы Доска для игры в шахматы, шашки, поле

  • Ферзь бэйэтин дьүһүнүн курдук дьүһүннээх ортоку хонууга туруоралларын, а. э. үрүҥ ферзь – үрүҥ хонууга, хара ферзь – хара хонууга туруорулларын өйдөөн кэбиһиҥ. ПВН СБК. Бөгүүрэҕэ биитэр пешкаҕа ханнык эмэ объегы биитэр хонууну көмүскээһин соругун сүктэрэн баран -- эбээһинэһи төһө кыайан толоруоҕун дуу, толоруо суоҕун дуу сыаналаа. КА СОоО II-III

5 даҕааһын #

суолт. Хонууга үүнэр, үөскүүр

Нууччалыы Растущий, находящийся на поле, полевой

6 этии #

Нууччалыы Вышел из доверия людей; ненадежный человек (букв. у кого-л. сузилось поле (круг) общения)

Этиилэр

Хонуута кыараабыт (кыччаабыт)

албына-түөкэйэ биллэн, дьон итэҕэлиттэн тахсыбыт; дьон итэҕэйбэт буолбут Ити курдук Мырдыс ойуун хонуута улам кыараан, аны сир үллэһигэ барар сураҕын истээт, ойуунуттан аккаастаммыт диэн сурах иһилиннэ, атыннык албаһыраары гыннаҕа!

  • ГНС СТСДТ.

Хонууттан оҕолон

сокуоннай эрэ суох оҕолон.

Соотв.: приносить в подоле.

  • Кини [Айталыына] хонууттан оҕолонуоҕуттан ылата, кыбыстарыттан дьонугар сылдьыбата, МТС-ка олороро. В. Протодьяконов

7 этии #

Хонуу боруута бот. – кырыылардаах адаархай лабаалардаах, төбөтүгэр бөкүнүк бөдөҥ туораахтаах элбэх сыллаах от үүнээйи Хонуу боруутун медицинаҕа иик хаайтарыытын, хаан барыытын, сүһүөх ревматизмын уонна тыҥа сөтөлүн эмтииргэ тутталлар. МАА ССКОЭҮү.

Нууччалыы Хвощ полевой

Этиилэр

Хонуу лууга

чочунаах диэн курдук.

Хонуу куйаар

киэҥ нэлэмэн, кураайытыҥы дэхси сир, хонуу.

Степь.

  • Кубань хонуу куйаара былыр-былыргыттан элбэх эрэйи, үгүс кыргыһыыны көрбүт сир.
    П. Филиппов
  • Хонуу маага бот. – синньигэс умнастаах, араҕас, ардыгар үрүҥ дьүһүннээх, кумахтаах, таастаах кытылларга, сэппэрээк талахтарга, бэс чагдаларга үүнэр элбэх сыллаах от үүнээйи. Мак голостебельный. Ср. тув. хову ‘поле’

«Х» буукуба