ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холоонноох

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы равный кому-чему-л., достойный кого-чего-л

1 даҕааһын #

Кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээх, сөптөөх

Нууччалыы Равный кому-чему-л., достойный кого-чего-л

  • Кинилэр диэтэх дьон [Кулун Кулустуур уонна удаҕан] тэҥнээх дьон буолан, дьэ тирэстилэр, холоонноох дьон буолан, дьэ холбостулар [охсуһаары]. ПЭК ОНЛЯ VI. Бу үрүҥ күн анныгар оҕоҕо холоонноох күндү дьол диэн суоҕа. Софр. Данилов. Холоонноох доҕорум Холку киһи, Кыыһырары, кыҥкыйдыыры сатаабат
    В. Гольдеров

2 аат тыл #

суолт. Ким эмэ кимиэхэ эмэ тэҥэ, тэҥнээҕэ

Нууччалыы Тот, кто равен кому-л., достоин кого-л

  • Тэгил дойдуга тэҥнээҕин, хол дойдуга холооннооҕун булбатах (өс xoh.). Кырдьык хоһуун киһи эбиккин. Онон эн биһиги хол дойдуттан холоонноохтор холбоһон олоруох
    Саха фольк

3 этии #

Нууччалыы Не имеет себе равных в чём-л., несравненно, гораздо (лучше, богаче)

Этиилэр

Холооно суох

кимиэхэ, туохха эмэ тэҥэ суох, тэҥнэбилэ суох (ордук, элбэх, үчүгэй уо.

  • д. а.) Намсыров сааһыгар холооно суох хапсаҕай баҕайытык ойон туран Тулааһынабы кытта дорооболоспута.
    Далан
  • Ефрем Егорович бибилэтиэкэтэ кулууп бибилэтиэкэтинээҕэр быдан баай, холооно суох ордук. Н. Габышев

«Х» буукуба