Перевод с якутского
чахчы
сыһыат, аат тыл, тыл
Нууччалыы факт
English fact
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы факт
English fact
ити чахчы это фактit is a fact
2 сыһыат #
Дьиҥ бэйэтинэн, дьиҥнээхтик, чуолкай
Нууччалыы В самом деле, точно, действительно
Кини чахчы санаан олорор санаатын судургутук, истиҥник эттэ. Амма Аччыгыйа Чахчы таптыыр киһи ити курдук быһыыланыан сатаммат. С. Ефремов Муҥур үрэх ыалыгар киирэн тахсарбар бартыбыалым чахчы баара М. Доҕордуурап
3 аат тыл #
суолт. Олоххо буолбут, баар суол, дьиҥ көстүү
Нууччалыы Действительность, правда, факт
Чаҕылытан тоҕо бэрдэй, Чахчыны даҕаны эппит. Баал Хабырыыс Улахан суолталаах боппуруостары сырдатар баһаам элбэх чахчыны саһыаран сыталлар. Эрчимэн. О. Н. Бётлингк маҥнайгы сабаҕалааһынын бигэргэтэр эбии чахчылар кэлин көстүбүттэрэ СПА СТИ
4 этии #
Этиилэр
Ала чахчы көр ала
Аал уот иччитигэр Ас кутан Ааттаһан барбыттарыгар Ахтар айыыһыт ала чахчы Айхалынан алҕаабыта.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Баар чахчы көр баар
Сайдыы процеһа диэн кыах баар чахчыга кубулуйар процеһа буолар. ДИ М. Ср ДТС йахшы ‘хороший, добрый; хорошо’, хак. чахсы ‘хороший; хорошо, доброта’
5 #
ыан т. Саҥарааччы этиллэр санаа дьиҥнээх диэн бэлиэтиирин көрдөрөр
Нууччалыы Выражает субъективное подчёркивание подлинности высказываемой мысли, действительно, в самом деле
Чочуобуна, чахчы, билиҥҥи кэмҥэ үлэлээбэт. Амма Аччыгыйа Дьэ, чахчы, кириитикэ диэн суоҕа. Н. Габышев Сорохторо баҕас, чахчы, Үлэ суоҕуттан муҥнаналлар Р. Баҕатаайыскай