Перевод с якутского
чиэстэн
туохтуур
Нууччалыы иметь честь, заслужить, делать что-л
1 #
чиэстээ диэнтэн атын. туһ. Сабыдах Бүөтүр үчүгэйдик үлэлиир буолан, чиэстэнэр, удаарынньык аатырар. Амма Аччыгыйа. Билэбит, киһи эрэ, кырдьаҕас эрэ Бэтэрээн диэн чиэстэммэтин. В. Саввин.
Этиилэр
Ким үлэтигэр үчүгэй киһи
ол чиэстэнэр.
"Кыым"
2 #
Тугу эмэ гынар буолан хаал, оннук чиэскэ тигис
Нууччалыы Иметь честь, заслужить, делать что-л., участвовать в чем-л
Биһиги хаһыа да буолан, -- ол ыһыахха сылдьар, кыттар чиэстэммиппит. Н. Заболоцкай Сибэниэ үс киһитэ соҕуруу куруортарга босхо путёвканан сынньанар чиэстэннилэр. ФНС ХО. Биһиги саҥа оскуола үрдүкү бэһис кылааһыгар үөрэнэр чиэстэммиппит ХС
3 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., маһы) туохха эмэ тирээн, онтон анньын, оннук анньынан сыҕарый, айаннаа
Нууччалыы Опираясь на что-л. (напр., на шест), отталкиваясь им, передвигаться, двигаться. [Уулаах] тайаҕынан чиэстэнэн, аҥаар атаҕынан кылыйан тахсан барда
Икки илиитигэр уһун тайах мас ылынан, онно чиэстэнэн, муус буола тоҥмут хаар үрдүнэн харса суох анньынан айанныыра. Далан Эрдиитинэн чиэстэнэн, аҕатын тыыта турар кытылыгар айаннаата В. Тарабукин