Перевод с якутского
чооруос
аат тыл
Нууччалыы небольшая птица семейства вьюрковых, чечётка
1 аат тыл #
Саха сиригэр кыстыыр бороҥ өҥнөөх төбөтүгэр кыһыллаах кыра чыычаах
Нууччалыы Небольшая птица семейства вьюрковых, чечётка
Чалбах кытыытыгар чооруостар сырсан догдороҥноһоллор. Амма Аччыгыйа Оҕолор аҕаларыгар доҕуур оҥорторон чооруостары элбэхтик кыайаллар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Сарсыарда түннүк чарапчытыгар түспүт чооруостар чыбыгыраһар саҥаларыттан уһуктубутум С. Маисов
2 этии #
Нууччалыы соотв. с ноготок
Этиилэр
Чооруос саҕа
олус кыра (мыынар дэгэттээх этии) Чооруос саҕа буолан туран Чоргуйара да баар ээ?
Бу чооруос саҕа буолан баран тумсулара тууһун, бэлэстэрэ бэтиэхэтин истиҥ эрэ! Н. Заболоцкай Бухатыыр тимири да хатыаҕа, Хаамтаҕына сиртэн уу аллыаҕа, Көрүҥэ – слон, үлэтэ – чооруос саҕа, Оннугу мин киһигин диэм суоҕа. М. Джалиль
Чооруос тумсун (да) саҕа
олус кыра, кып-кыра; кыратык, кып-кыратык.
соотв. с гулькин нос.
Чооруос да тумсун саҕа толкуй мэлийбит бэдигэ.
П. ОйуунускайЧооруос тумсун да саҕа Буруйу оҥорбуппун булбаппын. С. Тарасов
Өссө холобурдар (1)
Чооруос тумсун да саҕа Туһалыырыҥ чиэстээх. Айталын. Дьон сэргэ туһугар чооруос тумсун да саҕа туһалаах дьыаланы оҥороруҥ тоҕо сатамматый? "ХС"