Перевод с якутского
чорбот
Нууччалыы оставлять, излишки чего-л. (напр., денег), откладывать на потом, экономия
1 #
Тугу эмэ (хол., харчыны) туттубутун, ороскуоттаабытын ордугун хааллар, ордор
Нууччалыы Оставлять, излишки чего-л. (напр., денег), откладывать на потом, экономия
чорбой 1 диэнтэн дьаһ. туһ. Тэтэрээти өҥөйөн көрөрүгэр ийэтэ уоһун чорботор ээ, киһи күлүөх. Н. Габышев [Кыра уол] уоһун чорботор уонна тылын илигирэтэн массыына тыаһын үтүктэр. Р. Кулаковскай Люка сөбүлээбэтэхтии намчы уоһун чорботто. У. Ойуур
Өссө холобурдар (5)
Уһун сайыҥҥа бэйэбит арыы сиэбэккэ мунньан чорбоппут арыыбыт баара-суоҕа ити дии. А. Софронов Мин харчы ыытан көмөлөһүөм. Ый ахсын 30-40 солкуобайы чорботуом. Н. Габышев "Мантан ордугу чорботор кыаҕым суох", – диэн баран, биэрбит харчытын харыһыйбыт курдук көрүтэлээбитэ ХС Тугу эмэ гынаргар бириэмэтэ хаалларын, ордор. Θ Оставлять, выкраивать время на что-л. – Октябрина Николаевна, адьас солото суохпун. – Бириэмэни чорботтоххуна табыллар. М. Попов Хата, кини үлэлии-үлэлии, тустууга сатаан бириэмэ чорботорун санаа ССТ
2 #
Кими, тугу эмэ атыттартан ордук дии санаа, тугунан эмэ ордоро, үрдэтэ тут
Нууччалыы Выделять кого-что-л. от остальных по каким-л. признакам
Уопсай дьыала туһун Уһулуччу чорботуо. Күннүк Уурастыырап Син бэйэм кэммэр дьон тэҥинэн үлэлээн кэллим. Дьонтон хаалбакка, чорбойбокко. Чорботоору да гыннахтарына, күлүккэ түһэ охсорум.
Н. ЛугиновБастатан туран, билэр дьоно бары кини уһулуччу талааннааҕын чорботоллор эбит ХС
3 этии #
Нууччалыы Особо выделяя от остальных, особо отмечая кого-что-л
Ордук чорботон кин. – барыларыттан ойуччу тутан, суолталаан Бу кэпсээним успуорду, ордук чорботон буоксу, дьиҥ ис сүрэхтэриттэн таптааччыларга эрэ ананар. Э. Соколов Ааспыт үөрэх дьылын үлэтигэр ордук чорботон икки итэҕэс баара. "Ленин с. ". Дьокуускайга диэри тимир суолу тутуу суолтатын ордук чорботон бэлиэтиэҕи баҕарыллар. "ХС"