ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыын

аат тыл

Нууччалыы служебный разряд у военных и гражданских служащих, военное звание, чин

1 аат тыл #

Байыаннай уонна гражданскай сулууспалаахтар сололорун араарар кэрдиис

Нууччалыы Служебный разряд у военных и гражданских служащих, военное звание, чин

  • Кини [уолчаан] икки өттүттэн куттал суох буолуутун чыыннара – доп-доруобай, киэптэҥэлэспит эр бэртэрэ ыгаллар, бардьыгыныыллар.
    Далан
  • Бэҕэһээ жилуправление мунньаҕа буолбута, горсоветтан үрдүк чыыннар бааллара.
    Н. Габышев
  • [Мотя] остуол тарта, тойоттору чыыннарынан наардаан аска ыҥыртаата.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Гавриил Иванову өйдөөх-төйдөөх, туохха барытыгар оттомноохтук сыһыаннаһар, алын чыыннарыгар сымнаҕас эписиэр быһыытынан ытыктыыра
    А. Данилов

2 аат тыл #

Туохха эмэ уһулуччу ситиһииҥ, үтүөҥ-өҥөҥ иһин бэриллэр суолталаах бэлиэ (уордьан, мэтээл о. д. а.)

Нууччалыы Знак отличия, награда (ордена, медали и т. д.)

  • Собуоттаах тойон -- Солкоттон тигиилээх көстүүмҥэ Солотуу чыыннарын иилинэр. Эллэй. Кини мин төрүттэрим ыраахтааҕыттан ылбыт чыыннарын, мэтээллэрин остуолга уурталаан баран, бэйэм икки мэтээлбин кэтэрдэн олорон хаартыскаҕа устубута
    Эрилик Эристиин

«Ч» буукуба