Перевод с якутского
сыс
туохтуур
Нууччалыы бить, избивать, наносить удары
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Кими-эмэ дэлби таһый, охсуолаа, кырбаа
Нууччалыы Бить, избивать, наносить удары
Ааныска эмээхсин Мэхээлэни сыста. Амма Аччыгыйа Маайа ытыырын быыһыгар, хотуна хайдах сыспытын, кини туохтан боруоктаан сыспытын барытын кэпсээн биэрдэ. Эрилик Эристиин [Баһылай:] Эр киһи ойоҕун сынньара, үөрэтэрэ таҥараттан ыйаахтаах суол диэн буолар дии А. Сыромятникова
2 туохтуур #
Алдьат, үлтүрүт, бытарыт
Нууччалыы Раскалывать, разбивать, раздроблять на мелкие части. [Даарыйа эмээхсин:] Мукуйук, итиннэ таах ибили сытыйан олорума, тахсан маста быһыта сынньан киллэр
Микиитэ -- тыы баайыллан турар иирэтин тааһынан илдьи сыста. Амма Аччыгыйа Адаархай силистэри тоҕута сынньан барда А. Фёдоров Харытыана эрэйдээх -- уҥуохтара халыр босхо бардылар, чааскылаах чэйин тоҕо түһэрэ сыста.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
Яков кэнникинэн тэһийбэккэ ыксаабытын, хаста да төннөн хаала сыспытын кэннэ аан аһылла түстэ. Н. Заболоцкай Соһуйан чуут аҕай охто сыста ХС
3 туохтуур #
Туох да ордубат, өрүһүммэт гына өлөр-өһөр, урусхаллаа
Нууччалыы Разгромить кого-что-л., разрушить, развалить что-л
Сэбиэскэй сэриилэр өстөөҕү үлтү сынньан босхолообут куораттарын ааҕыталаан бардылар. Амма Аччыгыйа Урукку олоҕу үлтү-хампы сынньан, тиэрэ эргитэн саҥа олоҕу оҥоруохха
Күндэ
4 туохтуур #
Бурдук түүтэҕин болооччунан илдьи охсон, кэбэн куолаһыттан туорааҕын араар, бурдугу астаа
Нууччалыы Молотить (хлеб)
Мааһа сыспыт бурдугун сүөкээн көтүтэр, онтон сыыһын итигэстиир.
КүндэОннук [бурдук ыһыыта сайдыбыт] сирдэргэ сир хорутар, бурдук ыһар, бурдук быһар, бурдук сынньар эҥин сэптэр массыыналар үөдүйэллэр. "Чолбон". Итини биһиги биир нэдиэлэтээҕитэ быспыт бурдукпут түүтэхтэрин сынньан, мэлийтэрэн астаабыт этилэр. Ч. Айтматов (тылб.)
5 туохтуур #
көмө т. суолт. -а, -ыы сыһыат туохтуурдары кытта холбуу "арыычча, чуут аҕай" диэн суолталаах көмө тыл курдук туттуллар
Нууччалыы Как вспомогательный глагол в сочетании с деепричастиями на -а, -ыы образует аналитическую глагольную форму со значением ‘чуть, едва’
6 этии #
Этиилэр
Төбөҕүн (баскын) сыс көр бас II
Бу ыты кырдьык даҕаны баһын атаҕын тырыта сынньан өлөрүөм ду? – диэн баран үчүгэй Үүкэйдээн илиитигэр кэлэн түстэ. Ньургун Боотур. Ол оннугар солбуйар киһи булбакка, төбөбүтүн сынньа олоробут. НС О К. Ср ДТС йанч ‘давить, разминать; проламывать, избивать’, хак. нас ‘толочь что-л., рубить что-л., поколотить, побить кого-л. ’
7 туохтуур #
Сиринэн сос, соһо тарт
Нууччалыы Тащить, тянуть, волочить что-л. по земле
Тарбааһын Чаччыына [сүөһүнү] атаҕыттан таҥнары сыһан таһаарар.
Суорун ОмоллоонКим эрэ сиэрдийэни сыһан, Киниэхэ [Кынчаайапка] аҕалан биэрэр. С. Васильев Ол кэннэ [Манчаарыны] Остуруокка утаарыҥ! (Уҥан хаалбыт киһини сыһан таһаараллар). А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Ср. кирг., уйг. соз ‘растягивать, растянуть, вытягивать’, каракалп. созыу ‘волочить’