ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыҥкынаа

туохтуур

Нууччалыы звенеть тонко, пронзительно, дзинькать

1 туохтуур #

Хатан тыаһы таһаар (хол., тимир тимиргэ охсулларын этэргэ)

Нууччалыы Звенеть тонко, пронзительно, дзинькать (напр., при ударе металлом по металлу)

  • Кытарбыт ыстаалбыт ырыата лыҥкыныыр, Кыстыктаах балтаҕа охсуллан чыҥкыныыр.
    П. Ойуунускай
  • Кыстык, өтүйэ, алтан араастаан тыаһаан чыҥкыныыллар.
    Суорун Омоллоон
  • Уус уһанар сиригэр Уоттаах холумтан иннигэр Кыһа кыыма ыһыахтаабыт, Кыстык тыаһа чыҥкынаабыт
    М. Ефимов

2 туохтуур #

Нууччалыы Становиться жёстким, звонким (о голосе – напр., от раздражения). – Ону эн хантан билэҕин? – Владислав Леопольдович -- куолаһа чыҥкынаата

  • – Оҕобор анаабыппын сүгүн сиэтиэм суоҕа, – диэн эмээхсин чыҥкынаан турда. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Григорий] көстөр дьүһүнэ-бодото тыйыһыран, хараҕа уоттанан, саҥата чыҥкынаан кэлбитэ. К. Турсункулов (тылб.)

Этиилэр

Кытаат, хатанныран кэл (куолаһы этэргэ

хол.

  • , туохтан эмэ кыйыттан, кыыһыран)

3 туохтуур #

Кытаат, олус күүһүр (тымныыны этэргэ)

Нууччалыы Крепнуть, усиливаться (о морозе)

  • Кыыгыныы-чыҥкыныы турар түптэлэс тымныы уот-дьыбар мууһунан хаарыйбахтыыр.
    П. Ойуунускай
  • Тохсунньу кыыдаан дьыбара чыҥкыныы турара, силлээбит сил, сиргэ тиийбэккэ муус буолан, тобугуруу тохторо.
    Н. Габышев
  • Аппаҕа, сэллээбэккэ, тыал тыалырара, силлиэ ытыйара, тымныы чыҥкыныыра.
    И. Аргунов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йанхурт ʽзаставлять звучатьʼ, алт. шыҥкылда ʽзвенетьʼ

«Ч» буукуба