Перевод с якутского
чэпчэки
даҕааһын
Нууччалыы лёгкий
English light
Ис хоһооно · 11
1 даҕааһын #
даҕ
Эчи ырааһын, сибиэһэйин, түү курдук чэпчэкитин, эдэр хатыҥ курдук көнөтүн, нарынын. Софр. Данилов. Бу искириипкэ ыйааһына хотуобай искириипкэтээҕэр чэпчэки уонна тыаһа өссө үчүгэй буолбут этэ. ЧАИ СБМИ. Тайах оҕотун ыйааһына ийэтин ыйааһынынааҕар үс төгүл чэпчэки буоллаҕына, тайах оҕотун ыйааһына төһөнүй? ПАИ СМС
2 даҕааһын #
Ыарахана суох, кыра ыйааһыннаах
Нууччалыы Лёгкий по весу, легковесный
3 даҕааһын #
Оҥорорго, толорорго ыарахана, уустуга суох (хол., үлэ)
Нууччалыы Несложный, не трудный для выполнения (напр., работа)
Сүрэҕэ суох үлэ чэпчэкитин, ас минньигэһин талар (өс хоһ.). [Сеня эксээмэнин билиэтин] боппуруостарын чэпчэкилэр диэн үөрүөн дуу, эбэтэр ыарахаттар диэн хомойуон дуу билбэтэ.
Н. ЛугиновХолкуоска даҕаны чэпчэки үлэ элбэх М. Доҕордуурап
4 даҕааһын #
Куртах буһарарыгар үчүгэй, ыарахана суох (аһылыгы этэргэ)
Нууччалыы Лёгкий, легко перевариваемый (о пище). [Таба] этэ минньигэс, иҥэмтэлээх, киһи куртаҕар чэпчэки
ҮҮүДь ҮҮүДь
5 даҕааһын #
Истэргэ үчүгэй, ис киирбэх (муусуканы, ырыаны этэргэ)
Нууччалыы Лёгкий, развлекательный (о музыке, песне). [Сыбаайбаҕа] остуолга оонньоторго чэпчэки муусуканы талыллар, оттон тыл этии кэнниттэн туш оонньонор
ФВН ЭХК ФВН ЭХК
6 даҕааһын #
Олоххо куттала суох, халымыр (бааһырыыны, эчэйиини этэргэ)
Нууччалыы Непредставляющий угрозы для жизни, неопасный (о ранении)
Табаарыс, эн бааһырыыҥ чэпчэки эбээт. Амма Аччыгыйа Мин бу атаакаҕа хаҥас тобугум үөһээ өттүнэн чэпчэки бааһы ылбытым Чолбон
7 даҕааһын #
Кыыһыра, тымта сылдьыбат, элэккэй, үөрүнньэҥ (киһи майгытын этэргэ)
Нууччалыы Дружелюбный, незлобный, приветливый (о характере человека)
Дьоҥҥо куһаҕаны оҥорбот, өс киирбэх, чэпчэки дууһалаах киһи. В. Яковлев Чэпчэки тыыннаах киһи элбэх доҕордоох, ыалдьыттаах, эйэҕэс. А-ИНА БТ
8 даҕааһын #
Ыарахана суох, кыра сыаналаах (атыыга тахсар малы-салы этэргэ)
Нууччалыы Недорогой, дешёвый (о товаре, выставленном на продажу). [Василина:] Өйө суох муҥнаахтары чэпчэки сыаналаах кыбартыыраларынан көөчүктээн, хаарыаннаахай харчыларын мүччү туттаран ыллаҕым эбээт
Чэпчэки сыаналаах, мөлтөх хаһаайыстыбалаах табаардарга сыана булкуллуута тоҕо эрэ тахсыбатах. М. Попов Саҥа сиртэн хостоммут чох бэйэҕэ турар сыаната чэпчэки буолуоҕа Чолбон
9 даҕааһын #
Эр дьону кытары сыһыаныгар дьоһуна суох, сэлээр (кыыһы, дьахтары этэргэ)
Нууччалыы Легкомысленный, доступный в отношениях с мужчинами (о поведении женщины)
Холобура, дьүһүнүнэн хартыына курдук гынан баран, тыал курдук чэпчэки кыыһы хайа киһи аанньа ахтыан, астыныан, иһиттэн таптыан сөбүй?
Суорун ОмоллоонСуон Маша, хата, дьиэ кутуйахтарыгар эрэ кэпсээбэтэ ини – "буортуйбут" устудьуон уонна сытыы, чэпчэки дьахтар саҥа "кыайыытын" туһунан. Н. Габышев Кини Маайаны эр дьону мунньар чэпчэки дьахтар диэн бэйэтин кэтэх санаатынан быһа өйдөөн, ол суолунан бүдүмүктүк баран, ыган-түүрэн билиннэрэ эрэ охсор санаалааҕа ХС
10 этии #
Этиилэр
Чэпчэки илиилээх көр илии
"Чэпчэки илиилээх" диэн сорох [көтөҕөөччүлэр] мэлдьи ыҥырыыга сылдьаллар. "Саха с. "
11 этии #
Нууччалыы Быстро бегающий, скорый в ходьбе (о человеке или лошади)
Этиилэр
Атаҕынан чэпчэки
түргэнник сүүрэр, хаамар, сүүрүк (киһини эбэтэр аты этэргэ) Көр бу, үчүгэй чинчилээх барахсан эбит ээ, бука, атаҕынан чэпчэки ат буолара буолуо…
Мин оччолорго эдэрбин, тэтиэнэхпин, атахпынан чэпчэкибин. Н. Абыйчанин Нохоо, Сэмээн, эйигин киһи барыта атаҕынан чэпчэки, улахан сүүрүк киһи оонньообокко саһан сылдьар, сүүрүүгэ киирсиэн сөп этэ дииллэр. И. Сосин
Өссө холобурдар (1)
Кини атаҕынан уһулуччу чэпчэки киһи эрээри успуорт ситэ сайда, тэнийэ илигинэ үөскээн -- кистэнэн бэйэтин биллэрбэккэ, оонньообокко хаалбыт. Эрчимэн.
Чэпчэки атлетика
спорт көрүҥэ: манна сүүрүү, хаамыы, ыстаныы, диискэни, үҥүүнү уһуҥҥа быраҕыы о. д. а. киирэр.
Вид спорта: бег, ходьба, прыжки, метание копья, диска и т. д. – лёгкая атлетика.
Чэпчэки атлетикаҕа Гаврил Фёдорович Нохтунскай өр сылларга оҕолору эрчийдэ. И. Павлов Николай чэпчэки атлетикаҕа эмиэ умсугуйбута. ССТ.
Чэпчэки олох
улахан сырата суох, үлэлээбэккэ харчыланан, көрү-нары батыһан олоруу.
Лёгкая жизнь.
[Петя:] Оттон билигин чэпчэки олох, үлэ иннигэр маамаҕын сүүрдэ сылдьаҕын. С. Ефремов Ср. казах. жеҥил, уйг. йеник