ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыбыс

туохтуур

Нууччалыы плотно соединяться, смыкаться, прилегать друг к другу

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Бэйэ бэйэҕэ быыһа суох гына ыга сыһын, холбос

Нууччалыы Плотно соединяться, смыкаться, прилегать друг к другу

  • Муоста маһа үчүгэйдик ыбыста.
  • Аһаҕастык көрбүт киэҥ харахтара кырыыланнылар, сыҥааҕын этэ күүрэн таҕыста, уостара ыбыстылар.
    Л. Попов
  • Муоста төһө үчүгэйдик ыпсар да тыаһа суох буолар
    ЧАИ СБМИ

2 туохтуур #

түөлбэ. Туохха эмэ тигис, түбэс

Нууччалыы Доставаться, приходиться кому-л. на долю

  • Киһиэхэ баара суоҕа иккилии эрэ киилэ ыпсыбыта
    СТДТ

3 этии #

Нууччалыы Испытывать радость, радоваться чему-л

Этиилэр

Сыҥааҕа ыпсыбат көр сыҥаах

  • Чүөчээски уһуктубута, икки сыҥааҕа ыпсыбат, тииһэ тииһин таба охсубат буолан быбыгырыы сытар эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Хаайыылаахтар сыҥаахтара ыпсыбат буолуор диэри ыга тоҥнулар.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Сыҥааҕым ыпсыбат буола ырдьаччы тоҥон, аччыктаан, мин дьиэбэр чугаһаабытым.
    ХС

Сымыһаҕа ыпсыбат буолла

туохтан эрэ олуһун үөрдэ Ньукулай Дьөгүөрэбис үөрэн сымыһаҕа ыпсыбат буолла.

  • Ср. ДТС сап ʽсоединять, стискиватьʼ, йаву ʽприближатьсяʼ, кирг. ыпый ʽсближаться, сходиться краямиʼ
II

4 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ы-, ыа- диэнтэн саҕаланар олохторго сыстар: ыбыс-ыксары, ыбыс-ыарахан

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на ы-, ыа-: ыбыс-ыксары 'совершенно близко, впритык', ыбыс-ыарахан 'тяжелейший'

  • Ыбыс- ыксары бу ыга анньан кэллэ.
    Н. Павлов
  • Сергей куота сатыыр да атахтара ыбыс-ыарахаттар, кыайан сыҕарыйан быстыбаттар
    ХС

«Ы» буукуба