ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйыыр

аат тыл

Нууччалыы подарок духу-хозяину местности, подвешиваемый на дереве

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, эргэр

  • Хара саһылгын ыйыыр ыйааҥҥын, алҕаан, ааттаһан көрүстэххэ [хайдах буолуой?]
    ДСЯЯ

2 аат тыл #

Сир-дойду иччитигэр анаан маска ыйанар бэлэх

Нууччалыы Подарок духу-хозяину местности, подвешиваемый на дереве

3 аат тыл #

түөлбэ. Күтүөт кэргэнин дьонугар бастаан сылдьарыгар аҕалар күндү түүлээҕинэн эбэтэр атын сыаналаах малынан кэһиитэ

Нууччалыы Шкуры песца, лисицы и другие драгоценности, преподносимые женихом родителям своей невесты при первом посещении их

4 этии #

Нууччалыы Петля для казни через повешение

Этиилэр

Ыйыыр мас

1) тугу эмэ ыйыыр аргы (хол., таҥаһы-сабы куурдарга).

Перекладина (для сушки или подвешивания чего-л.).

  • Утуйар таҥаскын ыйыыр маска таһааран ыйаа.
  • Тордохтор тастарыгар, бөрө эргэ хороонун айаҕар кыра оҕолор оонньууллар, илимнэрин итиэннэ дьуухалаларын ыйыыр мастар тастарыгар дьахталлар букунаһаллар. С. Курилов (тылб.); 2) эргэр. Киһини ыйаан өлөрөргө аналлаах икки остуолбаны холбуур туора мас. Сооружение для казни через повешение: два столба с перекладиной, виселица. Өрүүкээни бэйэтин сонно тыыннаахтыы тутан, куоракка киллэрэн дьүүллээн, сууттаан, ыйыыр маска ыйыыллар.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (2)
  • Куорат ортотугар, Кураанах болуоссакка, Өлүү күлүгүн бүрүнэн, Хара дьайы саптынан Ынырыктаах Ыйыыр мас барыйар.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Ньургуһун Ньукулай:] Түбэспит хаалла сыттаҕа, суорума суоллаах ыйыыр маска ыйаммыта буолуо, биһиги муҥнаахтар олортон буолабыт. Күндэ

«Ы» буукуба