Перевод с якутского
ыксары
сыһыат, даҕааһын
Нууччалыы так, чтобы не было щели, очень плотно, туго, крепко
Ис хоһооно · 6
1 сыһыат #
Туох да быыһылаан киирбэт гына сыһыары, ыпсары
Нууччалыы Так, чтобы не было щели, очень плотно, туго, крепко (напр., связывать что-л.)
Ити муоста буолар хаптаһыннары ыксары саайталаа. Дьонтон ылаттаабыт таҥастарын оҕонньоруттан куул ылан, ол иһигэр уган, кичэйэ соҕус ыксары кэлгийбитэ. И. Никифоров Бэс субатын сүлэн ылан, сааһынан дьаптайа уурталаан баран, үс-түөрт сиринэн ыксары тылбыйаллар, түүрүллүбэтин, ардах уута киирбэтин диэн ФГЕ-СДь ӨӨСҮҮ
2 сыһыат #
Туох баар күүскүнэн, күүһүҥ кыайарынан (тугу эмэ гын)
Нууччалыы С предельным напряжением, что есть силы (делать что-л.)
Наһаар, сымыһаҕын быһа ытыран баран, ыҥыырын сирэйиттэн ыксары тутуһан истэ.
Суорун ОмоллоонТойон киһи -- сундуугу икки илиитинэн ыксары да ыксары ыга кууста. И. Гоголев Бөрө үөмэн тиийбэт сиригэр суон мутук баарын миинэн, тиитин ыксары кууһан олордо Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
Ыксары сэрэтии. ЯРС. Ыксары дьүүл. ПЭК СЯЯ. Чыҥыс Хаан ыйааҕа Ыксары буоллаҕа, Одун Хаан оҥоруута Улахан буоллаҕа.
Өксөкүлээх ӨлөксөйЫтык сураларым түрүтэ тыытыылара ыксары ыарыыга түһэрдэ. Саха нар. ыр. II. Ыарт-татай! Атаскан! Ыран, ырыганнаан иһэртэн ордук Ыксары кыһалҕа баар буолуо дуо?!
П. Ойуунускай
3 сыһыат #
Кытаанахтык, күүскэ (хол., утуй)
Нууччалыы Крепко (напр., заснуть); сильно (напр., увлекаться чем-л.)
Ыксары утуйан хааллылар. ПЭК СЯЯ. Холкуостаахтар ыһыы үлэтигэр ыксары ыллардылар. М. Доҕордуурап Ынырыктаах ыар батталга ыксары ыллара сылдьыбыппын. КДМ ОККО. Хайабыт да тугу да саҥарбат. Хаһан, хайдах тиийэбит диэн санааҕа ыксары ыллардыбыт Сэмсэ Күүскэ, бобо (хол., тут). Θ Сильно, крепко (напр., хватать, сжать). Доргуулап кинини [Сипсикини] ситэ саҥарпата даҕаны, тоҕоноҕуттан. куотан хаалыа диэбиттии, ыксары тутта. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Илиибин ыксары тутар, сүүспүттэн, иэдэспиттэн кыра оҕо курдук сыллаан ылар. Лоһуура. Ааһан иһэн Александр Атастыров биэрбит илиитин ыксары тутан ааста Хоро Бүөтүр
4 сыһыат #
Сиэри таһынан, олус, наһаа
Нууччалыы Не в меру, слишком, сильно (напр., разбогатеть). [Уот Уһутаакы – Ньургун Боотурга:] Ыалдьаллара-ытыыллара диэн ыксары да буолар эбит?!!
Ыам ыйын бырдаҕа ыксары муҥнаата. Күннүк Уурастыырап Аҕата оҕонньор ыксары кыыһырар. П. Тобуруокап Ыксары байыан баҕаран, Кууруссатын өлөрөн, куртаҕыттан Куустаах кылааты хостуон санаммыт. И. Крылов (тылб.)
5 сыһыат #
Бэйэҕэр сыһыары, ыга тардан
Нууччалыы Сильно, крепко (прижимать к себе)
Нина эттээх суон харыларынан ыксары кууһан, сымнаҕас түөһүгэр сыһыары тарпыта. Далан Сүрэххин дьолунан толорон, Моойгуттан ыксары кууспута. Күннүк Уурастыырап Оо, сэгэрбин-бүөбэйбин кытары оттоох сымнаҕас сыарҕаҕа ыксары Куустуһан, айаннаан истэрбиэн, куустуһа-таалалаан өллөрбүөн! С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Эйигин ыксары ууруубун, күндү ийэкээм ЛТК
6 даҕааһын #
суолт. Кытаанах (хол., сэрэтии); ыарахан (хол., ыарыы)
Нууччалыы Строгий (напр., о предупреждении); тяжёлый, серьёзный (напр., о болезни)