Перевод с якутского
ыһыы
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы сев, посев
English noise, roar, scream, shout
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Сири оҥорон, бэлэмнээн баран, үүнээйи сиэмэтин түһэрэн олордуу (үксүгэр бурдугу)
Нууччалыы Сев, посев
Кииллэйдэр ыһыыларын болдьоҕун сиирэ-халты тутуһан син сөпкө бүтэрбиттэрэ. ХС Аҕата солообут бааһынатын лаппа кэҥэттэрбитэ, бурдук ыһыытынан дьаныһан дьарыктанан барбыта. ЛНН АДь. Бастаан утаа оҕуруокка хаппыыста ыһыытыгар, уу кутууга, хортуоппуйу буордааһыҥҥа биир тутаах үлэһит этим. ЕЗГ КО
2 этии #
Этиилэр
Уйалаан олордуу (ыһыы) көр уйалаа
Оҕуруот аһын үүннэриигэ уйалаан ыһыы ньымата эмиэ туттуллар.
Ыһыы үлэтэ көр үлэ
Быйыл дойдубар ыһыы үлэтин иннинэ тиийиэм дии санаабытым. И. Сосин Ыһыы үлэтэ саҕаланыаҕыттан сир тоҥуор диэри бааһынаҕа үүммүт сыыс оту ылҕаан иһиллэр. КПЫ
3 аат тыл #
Ыраахтан киһини ыҥыран биитэр тугу эмэ этэн хаһыытааһын, үөгүлээһин
Нууччалыы Громкий, протяжный крик издалека
Тиэтэйбит [киһи аата] үөхсэрин, ыһыытын тохтоппокко, сүүрэн илгистэн эрэр эбит. "Чолбон". Нөктөкө саҥа бөҕөнү саҥарбыт, ыһыы бөҕөнү ыһыытаабыт. ИС А. Ср др. -тюрк., алт. сыгыр ‘свистеть’
4 аат тыл #
Тимири быһар анал кытаанах хатарыылаах биилээх туттар тэрил
Нууччалыы Клиновидный инструмент, предназначенный для рубки металла, обработки камня, зубило
Суорба тааһы чочуйар, оҥорор тэриллэрэ баара-суоҕа тимир ыһыы уонна өтүйэ этэ эбээт. В. Протодьяконов Үүт оҥоһуллуохтаах сиригэр уһуктаах тимиринэн биитэр ыһыы уһугунан, өтүйэнэн кыратык чэчиргэччи охсон, кафель дьэҥкир лааҕын ыраастанар. ДьХ. Кэрдиистэри ыһыынан биитэр үс кырыылаах игиинэн оҥоруохха сөп Кыым
5 даҕааһын #
суолт. Хатарыллыбыт курдук эттээх-сииннээх, доруобай
Нууччалыы Плотного телосложения, крепкий, здоровый
Биһиги, сахалар, уһун үйэлээх, кытаанах, ыһыы дьоммут. Н. Босиков Буолаахтаамына, өссө кини ыһыы киһи буолан, бачча эриһэн бултуу-алтыы сылдьаахтыыр. П. Аввакумов Төһө да сааһыран, кырдьан этиргэн бэйэтэ ииннэр-хаттар, этэ-сиинэ чарчыстан истэр, Маайа ыһыы эмээхсин. М. Попов
Өссө холобурдар (3)
Бэйэтэ уҥуоҕунан намыһах, ол да буоллар ыһыы, иҥиир киһи Н. Заболоцкай Тымныыны тулуйумтуо, үчүгэй туруктаах (хол., биэ). Θ Выносливый, стойкий, крепкий (напр., о кобыле). Уон сэттэ саастаах биэни биири эмэ, саамай ыһыыларын, тулуурдаахтарын хааллараллар. ҮБНь Т. Ср др. -тюрк. азыҕ ‘клык’