ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эдэрсий

туохтуур

Нууччалыы стать моложе, помолодеть

1 туохтуур #

Эдэр курдук буол, эдэргэр түс

Нууччалыы Стать моложе, помолодеть

  • Эрдээх сирэйэ саҥатын эдэрсийэн, эйэҕэстийэн, иһиттэн сырдаан кэлэргэ дылы гынна.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмэн дьахтар эдэрсийбит, Эмээхсин эккирээбит, Сукуй тыа суугунаабыт, Сулбут үрэх тыаһаабыт.
    С. Данилов
  • Эмиэ чэбдигирэн, эрчимирэн, Сүрэхтиин, дууһалыын эдэрсийэн Сылаас түүнү бэйэбиттэн тэйитэбин, Сып-сырдык күнү эҕэрдэлии тиэтэйэбин!
    С. Гольдерова

2 туохтуур #

(Туох эмэ састаабыгар) саастарынан эдэр дьон баһыйар үксэ буол

Нууччалыы Стать более молодым, помолодеть (по составу членов, участников чего-л.)

  • Бу иннинээҕи кэмпириэнсийэлэри кытта тэҥнээтэххэ, састаап балачча эдэрсийбитин бэлиэтиир наада
    Кыым

«Э» буукуба