Перевод с якутского
эйээр
туохтуур
Нууччалыы звонко разливаться вширь, разноситься вдаль
туохтуур
Ыраахха диэри эҥээрийэн иһиллэр гына ыллаа
Нууччалыы Звонко разливаться вширь, разноситься вдаль (напр., о песне)
Кырдал үрдүгэр уолаттар-кыргыттар дьиэрэҥкэйинэн тэбэн, атах тэпсэн, кулун куллуруһан, ыллаан-туойан эйээрэллэрэ олус да үчүгэй буолара.
П. ОйуунускайМикиитэ ыллаан эйээрбитинэн барда. Амма Аччыгыйа Онуоха сахалыы оһуохай кылыһахтаах ырыата иһиллэн кэллэ, эҥсэ-иэйэ эйээрдэ С. Дадаскинов
Өссө холобурдар (3)
Эҥээрийэн иһиллэр саҥата таһаар. Θ Производить звонкий заливистый звук, заливаться (напр., плачем). Ханна эрэ ырыых-ыраах кыра оҕо ытаан эйээрдэ. Амма Аччыгыйа Оттон арҕаа толоон түгэҕэр ньирэйдэр хойуу үөрдэрэ буралла сырсаллар, мэҥирээн эйээрэллэр. М. Доҕордуурап Ытаата кыра оҕо, ытаата, Чуумпурбут олбуорга кини эрэ, Уу ньирэй куолаһа эйээрдэ Н. Дьяконов