ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрбии

аат тыл

Нууччалыы стальная зубчатая пластина с деревянными рукоятками для разрезания дерева, пила

English saw

1 аат тыл #

Маһы эрбииргэ аналлаах мас тутаахтаах, тиистэрдээх, чараас тимир туттар тэрил

Нууччалыы Стальная зубчатая пластина с деревянными рукоятками для разрезания дерева, пила

  • Көстөр сүгэ, эрбии биитэ Күҥҥэ өрө кылбачыйан.
    Баал Хабырыыс
  • Сүгэ табырҕас тыаһа, эрбии аалыҥныыра киэһэлээх сарсыардааҥҥы тоҥ салгыны киэптээн кэбиспитэ.
    М. Доҕордуурап
  • Элбэх эрбии тыаһаата, Эйээр-дьэйээр ыллаата
    С. Васильев

2 этии #

Этиилэр

Эрбии биитин курдук

сыарҕа сыҥааҕын курдук (тэҥнэр) диэн курдук (көр сыарҕа).

  • Ыаллыылар туохтарын былдьаһыахтарай, хайа-хайалара ордуга-хоһо суох эрбии биитин курдук тэбис-тэҥ дьон.
    И. Эртюков
  • Үс хонук устата Эрбии биитин курдук Тэбис-тэҥҥэ иэҕистилэр.
    ТТИГ КХКК

3 этии #

Нууччалыы Лучковая пила

Этиилэр

Быһах эрбии көр быһах

  • Аҕам быһах эрбии атыыласпыт.
  • Аан бастаан сэлии аһыытын быһах эрбиинэн уонна чаачар эрбиинэн кэрчиктэнэр.
    ПСН УТС

Хайытар эрбии көр хайыт

  • Алексей Семёнович тутууга хайытар эрбиигэ ыстаарсай эрбииһитинэн үлэлээбитэ.
    ЭК

Чаачар эрбии

икки ардынан быанан эбэтэр синньигэс бороболуоханан тардыллыбыт уһун мас уктаах, соҕотох киһи туттар эрбиитэ, киристээх эрбии Хара сарсыардаттан мас кыстыырыгар тахсан, чаачар эрбиинэн суон баҕайы дүлүҥү эрбээн эрэр. В. Иванов. Эрбии хардарар түөлбэ. – эрбии тииһин тиэрэргэ аналлаах туттар сэп.

Инструмент для разводки зубьев пилы поочередно в разные стороны.

  • Эрбии хардарар аны ханна да көстүбэт сэп. СТТ
    Т. Ср
  • ДТС, тюрк. ерпэ ʽпила’

«Э» буукуба