ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрдэттэн

сыһыат

Нууччалыы загодя, заранее. [Көстөкүүн:] Эрэнэр сатаммат, эрдэттэн бэлэм буолуохха биитэр тэскилиэххэ

1 сыһыат #

Туох эмэ иннинэ, олох эрдэтинэ

Нууччалыы Загодя, заранее. [Көстөкүүн:] Эрэнэр сатаммат, эрдэттэн бэлэм буолуохха биитэр тэскилиэххэ

  • Түүлээх Уллуҥах, Чүөчээски тыаһын эрдэттэн истэн, саатын курааҕын туруорбута.
    Суорун Омоллоон
  • Саамай сөпкө этэҕин, эрдэттэн ити боппуруоһунан дьарыктаныах хаалла
    М. Доҕордуурап

2 сыһыат #

эрдэ 1 диэн курдук. Дьокуускайга холоотоххо, манна күнэ эрдэттэн ойор, киэһэ хойут киирэр. Н. Заболоцкай. Сарсыарда эрдэттэн кустук түстэҕинэ, сотору кэминэн ардах кэлэрин кэрэһэлиир. И. Сосин

3 этии #

Нууччалыы Не забегай вперёд (букв. заранее не ставь горшок на огонь). [Баабыла:] Эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ, кини да эдэр

Этиилэр

Эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ

тугу эмэ урутаан быһаарыма, былааннаама (хайдах буолуо биллибэт) И.

  • Гоголев. "Бэйэ, олус эрдэттэн күөскүтүн өрүнүмэҥ, тойоммут туох диирэ биллибэтһ, – Уйбаан дьиэ иһинээҕи сүбэни түмүктээтэ.
    Р. Кулаковскай
  • Кэлэр кэми эрэнэммин Эрдэттэн күөспүн өрүнэбин.
    ЛН ЭЭХХ

«Э» буукуба