ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрдэтээҕи

даҕааһын

Нууччалыы молодой, ранний

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Эрдэтээҕи, сыатын сууйа илик кыыл үөтэлээн хотторооччута суох.
    В. Яковлев
  • Дэпсэ (лэпсэ) – сайыҥҥы эбэтэр эрдэтээҕи күһүҥҥү ньирэй тириититтэн тигиллибит ыҥыыр сабыыта. НБФ-МУу СОБ. Эрдэтээҕи, үөл уолба отун сымнаҕас тимирдээх уйан хотуурунан охсуллар
    Кыым

2 даҕааһын #

Кэмин, болдьоҕун иннинээҕи, эрдэлиир

Нууччалыы Молодой, ранний

3 даҕааһын #

Урукку кэмнээҕи, урукку, былыргы

Нууччалыы Давний, древний

  • Батталы утарыы арыый эрдэтээҕи кэмин "Манчаары ырыата" көрдөрөр.
    Саха фольк
  • Аал Луук Мас аата саамай эрдэтээҕи сахалыы тылынан суруйууларга хайдах ааттанан киллэриллибитин көрүөххэ сөп. "Чолбон". Мифологическай геройдар киһи-аймах сайдыытын эрдэтээҕи кэмигэр айыллыбыт уустук уобарастар буолаллар
    ХС

4 этии #

Этиилэр

Эрдэтээҕи паар көр паар II

  • Эрдэтээҕи паар оҥоһуутун саас ноһуому кута-кута, хорутуунан саҕалыыллар. "Кыым". Сибииргэ уонна кураайы соҕуруулуу-илиҥҥи оройуоннарга оруоһу үксүн хара итиэннэ эрдэтээҕи паардарга үүннэрэллэр.
    ХКА

«Э» буукуба