ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрэнгиэн

аат тыл

Нууччалыы рентген.

аат тыл

Ис уорганнары сардаҥаларынан тыктаран ыйдаҥардан көрөр аппарат

Нууччалыы Рентген. Эрэнгиэн сардаҥалара. Бу кини ийэ тааһа. Ол алмааһа буоллаҕына бу иһигэр сылдьар, эрэнгиэнинэн эрэ көрдөххө көстөр. Суорун Омоллоон. Иннигэр – дьиктилээх массыына-аптамаат, Онтон кыыс хараҕын араарбат. Ол алмаас кыырпаҕа эрэнгиэҥҥэ кыламнаан Ааһарын көрбөккө аһарбат. Эллэй. Ыйы быһа анаалыс үөһэ анаалыстаабыттара, хаста эмэтэ эрэнгиэҥҥэ көрбүттэрэ. Софр. Данилов

«Э» буукуба