ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эһиги

солбуйар аат, аат тыл

Нууччалыы вы

English you

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

с. солб. аат

  • Уон улууһум удьуор дьонноро, Уон улууһум улуу бэртэрэ! Эһиги бэйэҕит билэҕит, Эһиги бэйэҕит көрөҕүт – Эрэй-буруй элбээбитин, Эрэй-буруй үрдээбитин.
    П. Ойуунускай
  • Эһиги аскытын аһаабат киһи буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Бүгүн эһиги кэннэ ким да сылдьа илик
    С. Ефремов

2 аат тыл #

Элбэх ахсааҥҥа саҥарааччы туһулаан кэпсэтэр дьонун бэлиэтиир

Нууччалыы Вы (личное мест. 2 л. мн. ч.)

3 аат тыл #

Уус-уран литератураҕа суох да дьоҥҥо туһаайан этиллэр

Нууччалыы В художественной литературе используется для обращения к отсутствующим при диалоге людям

  • Махтал эһиэхэ, дьахталлар, Биирдии бэйэҕит үлэҕэ Үстүү киһиэхэ тэҥ буолан, Өрө күүрбүккүт иннигэр! Эллэй. Айхал буоллун, эһиэхэ, Ахтар Амма дьонугар
    Күннүк Уурастыырап

4 аат тыл #

Уобараһы тыыннааҕымсытан көрдөрөргө туттуллар

Нууччалыы Употребляется при образном уподоблении неживого предмета живому существу

  • Баһыыба, төгүрүк алааһым, Баһыыба төрөөбүт артыалым, Эһиги аартыкпын астыгыт, Эһиги кынаттаан ыыттыгыт!
    П. Тобуруокап
  • Эһиги, титириктэр, сэбирдэх күлүгэр сөрүүргүүргүт үчүгэй, Сотору бар дьон хараҕа Эһиэхэҕэ хатаныаҕа.
    Баал Хабырыыс
  • Ээй, эһиги, холкуостар, Киэр эһиҥ Эргэ олох эмэҕирбит силиһин!
    П. Тулааһынап

5 аат тыл #

калька. Ытыктабыл бэлиэтигэр эдэрдэр кырдьаҕастарга туһаайан этиилэрэ

Нууччалыы Употребляется как вежливое обращение молодых к представителям старшего поколения

  • Эһиэхэ күнүс кэлэ сылдьыбытым. Суоҕуҥ...
    Н. Якутскай
  • Владимир Лукич, мин эһиэхэ урут кэпсээбитим ини? Б
    С. Ср
  • ДТС, тюрк. сиз ʽвыʼ

«Э» буукуба