ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үгээрдээ

Нууччалыы простудиться, заболеть от простуды

1 #

көр угаардаа. Сарсыарданан кыыс хоһуттан, үгээрдээбит киһи курдук, байааттаҥнаан тахсыбытым. И. Тургенев (тылб.). Дьон үгээрдээтэхтэрин аайы Ойоотуҥҥа тиэстэн иһиэхтэрэ дуо? ДФС КК

2 #

Тымныйан ыарый, тумуулаа

Нууччалыы Простудиться, заболеть от простуды

  • Ыал аайы сотору-сотору дьон дьаҥныыллар. Тааска, сиргэ сырыттахтарына, ким да үгээрдээбэт, тумуулаабат этэ.
    Болот Боотур
  • Күнү быһа сөтүөлээтим, Онтон сылтаан үгээрдээтим.
    ХС
  • [Үстээх Оппуоччук] кыратык үгээрдээбит, онон Варвара Николаевна: "Үтүөр, аны ыалдьыма", - дии-дии, битэмиин, глюкоза, кэмпиэт эҥин биэрэр.
    ИМС ОС

«Ү» буукуба