ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөлэс

аат тыл

Нууччалыы дымовая труба якутской печи

1 аат тыл #

Саха көмүлүөк оһоҕун буруо, төлөн тахсар турбата

Нууччалыы Дымовая труба якутской печи

  • Балаҕаннарын оһоҕун үөлэһэ чоҥкуйа кырыаран хаалла.
    А. Софронов
  • Буор сыбахтаах саха балаҕанын үөлэһэ түүтэх кыымынан өрүкүйэ турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Үөлэстэн кыһыл уот кыымнара Кытыастан, оргуйан тахсаллар
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Ханнык эмэ оттуллар оһох турбата. Θ Дымовая, затяжная труба какой-л. печи. Аллараа күөл кытыытыгар сүүрбэ биэс ат күүһэ күүстээх локомобиль үлэлиир паровигын үөлэһэ хоройон көстөр.
    Н. Заболоцкай
  • Өндүл маҥан халлаан Өрөһөтүгэр өрө ууммут Үрдүк үөлэстэр үөгүлээн дуораһыттылар
    С. Васильев

2 аат тыл #

геогр. Вулкан кратера

Нууччалыы Кратер вулкана

  • Умуллубут вулкан сүүнэ улахан үөлэһигэр 1978 сыллаахха отут дьиэ кэргэнтэн турар биис ууһа көстүбүтэ
    ДьДьДь

3 этии #

Этиилэр

Үөлэстэрин өҥөйдө көр өҥөй

  • Үрдүк ааппытын ааттаан Үөлэспитин өҥөйөр күнэ Үтүрүйэн кэлиэҕэ.
    П. Ойуунускай
  • Үөлэһин үүтүн өҥөйөр күнүм, Тоҥ суолун тордуур күнүм, Ир суолун ирдиир кэмим Түөн түөспэр Күөйдэҕэ буолуо. П. Ойуунускай

«Ү» буукуба