ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөскэт

туохтуур

Нууччалыы сделать существующим, произвести, создавать что-л

English to give birth, to generate

1 туохтуур #

Тугу эмэ айан таһаар, баар оҥор

Нууччалыы Сделать существующим, произвести, создавать что-л

  • Үйэ-үйэ бэйэтэ тус-туһунан өс хоһооннорун үөскэтэн иһэр.
    Саха фольк
  • Икки атахтаах өйө-санаата идэни үөскэтэр, көстүбэти көрөр.
    П. Ойуунускай
  • Дьонун хас биирдии тыла Ананий дууһатыгар саҥа сырдык санаалары үөскэттэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Саха норуота үгүс үйэлэрдээх историятын устатыгар баай уонна дьикти кэрэ тылынан уус-уран айымньылары үөскэппитэ
    ССЛИО

2 туохтуур #

Төрөтөн-ууһатан, көрөн-харайан элбэт, тэнит, тарҕат

Нууччалыы Дать расплодиться кому-, чему-л., размножиться

  • Кэлиҥҥи кэмҥэ үүнээйилэр саҥа дьикти суортарын утумнатан, үөдүтэн, сүөһү-ас эҥин үтүө боруодаларын үөскэтэн эрэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Үс күннээх саһылы үөскэтэ туруохпут, Кылааннаах кырсаны, Кыһанан бултуохпут.
    С. Васильев
  • Дьоҥҥо тарҕатарга анаан сибиинньэ, хоруолук, бараан тупсаҕай боруодаларын үөскэтэллэр
    И. Данилов

«Ү» буукуба