Перевод с якутского
иит
туохтуур
Нууччалыы вырастить, воспитать, довести до самостоятельности
English to raise
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Улаатыннар, өйүн-санаатын туттар, киһи оҥор (көрөн-харайан, үөрэтэн-такайан, сөптөөх майгыны-сигилини, тутта сылдьыыны иҥэрэн)
Нууччалыы Вырастить, воспитать, довести до самостоятельности (систематически прививая определенные навыки, правила поведения)
Ийэм, аҕам эрэйдээхтэр, аны санаатахха, көҥүллүк, үчүгэйдик да ииппиттэр эбит. А. Софронов Ийэтин оннугар мин ийэ буолуом, бүөбэйдээн, иитэн, көрөн-харайан улаатыннарыам. Болот Боотур Үчүгэй киһи буолаарай диэн, оҕону иитэр куолу. В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
Эльвираны эмээхсин бэйэтэ билэринэн көрөн-дьаһайан бэйэтэ этэринии "такайан" ииппитэ Л. Попов
2 туохтуур #
Бэйэҥ холобургунан, үлэҕинэн-хамнаскынан атын киһиэхэ сабыдыаллаан, кимиэхэ эмэ оннук быһыыны-майгыны олоҕурт
Нууччалыы Своим поведением, личным примером, работой воздействовать на кого-л., оказать вличяие
Поляков хаһан да ситиһиллибитинэн уоскуйбат өйгө-санааҕа, автобазаҕа үлэтин иһин эппиэтинэстээх буолууга хас биирдии үлэһити иитэргэ кыһаллар. Софр. Данилов. Саамай кутталлааҕа баар, кинилэр [куһаҕан иитиилээх оҕолор] бэйэлэрин курдуктары "иитэн", кэннилэригэр хаалларан иһэллэр.
Н. ЛугиновУйбаан удаарынньыгы хайгыыр. Оҕолоргутун кини биримиэринэн иитиҥ диир Дьүөгэ Ааныстыырап Кимиэхэ эмэ тугу эмэ иҥэр, ылыннар, олохсут. Θ Прививать, внушать кому-л. что-л. Эрдээх воляны, модун тулууру Киниэхэ -- ииппитэ. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
Общественнай үлэ киһи өйүн-санаатын политическай тыыҥҥа иитэр. М. Доҕордуурап Айылҕа аһаҕас кинигэтэ диэн искусство: кини киһиэхэ кэрэни таптыыр чувствоны иитэр И. Данилов
3 туохтуур #
Аһатан-сиэтэн олор, аһынан хааччый
Нууччалыы Содержать; кормить кого-л
Булчут буоланнар чугас эргиннээҕи ыалларын барытын бултарынан иитэн олорор дьон. А. Софронов Ийэм, мичик гынаат, ытыспын ылан сыллаан баран: "Оҕом ытыһа эттээх, үлэлээн миигин иитиэҕэ", – диэхтиирэ. Амма Аччыгыйа Оҕонньор солуурчаҕын арбыы олорбут: – Бу солуурчах миигин ииппит иһит
Суорун Омоллоон
4 туохтуур #
Дьиэ сүөһүтүн, көтөрүн, иитиэх кыылы аһатан-сиэтэн көр-харай, улаатыннар, үөскэт
Нууччалыы Разводить, содержать (домашних животных, нек-рых пушных зверей, птиц)
Төрүүр оҕоҥ уйаланнын, иитэр сүөһүҥ күрүөлэннин! (алгыс). Бу кыс үөһэ тарбыйахтаах ынахта иитэн таһаар. Кыанан иитиэ суох буоллаххына, ырбаахыга саараныма.
КүндэКилиэккэҕэ түүлээх кыыллары: кырымахтаах хара саһылы, нуорканы, күөх кырсаны иитэллэр. КИиКС А. Ср тюрк. игид ‘ухаживать’
5 туохтуур #
Ботуруону, снаряды эстэр сэпкэ ук (ытарга бэлэмнээн)
Нууччалыы Вложить патрон, заряд в ружье, зарядить огнестрельное оружие
Пугаһын саҥа буулдьанан иитэн кээстэ.
Суорун ОмоллоонБинтиэпкэбин мааҕын тайаҕы өлөрөн баран, үөрүүбэр буолан, умнан ииппэтэхпин. Т. Сметанин Бэстилиэтин ииттэ. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
"Түргэнник аты салайыҥ!" – диэт, Николай бүлүмүөтү ииппитинэн барда А. Сыромятникова
6 туохтуур #
Буорахтаан, доруобунньуктаан, быыстаан, эстэр гына оҥор, эстэргэ бэлэм гын (ботуруон, саа туһунан)
Нууччалыы Снарядить к стрельбе (о патроне, ружье)
"Эн, Бүөтүр, уус киһи үһүгүн. Биһиэхэ ытыллыбыт ботуруон гиилсэтин суолуннаран, үчүгэйдик иитэн биэриэҥ этэ дуо?" – саха тойон ыйытта. Эрилик Эристиин Ньылаарыс икки тыһыынча кэриҥэ бэрдээҥки ботуруонун ииппититтэн биир да буулдьата киһини өлөрбөтөх. Эрчимэн. Сорохтор сааны буораҕынан иитэн халлааҥҥа ытыалаан битиргэтэллэр И. Бочкарев
7 туохтуур #
Төлө баран ыга баттыыр, эстэр, хам тутар гына оҥор (бултуур сэп туһунан)
Нууччалыы Настораживать (звероловное приспособление); ставить петли
Былыр Лоһуор Өндүрэй куобахха ииппит туһаҕар кэрэмэс саһыл киирэн биэртэ. Амма Аччыгыйа Кини туһах, сохсо иитэн хабдьынан уонна куобаҕынан аһаан олорбута. Эвен фольк. Миичээн капкааны чэҥкээйилээн иитэргэ үөрэннэ. А. Кривошапкин (тылб.)
8 туохтуур #
калька. Элэктэриичэскэй эниэргийэтэ биэр (хол., өкүмүлээтэргэ, батарыайаҕа)
Нууччалыы Подзярядить (батарейку), зарядить что-л. электроэнергием
Бу массыына өкүмүлээтэрин ииттэххэ сатаныыһы. Араадьыйаҥ батарыайатын иитэн биэр. Радист Черемных биһикки араадьыйабытын иитэн баран салгын устун күүлэйдиибит, эҥин араас арааһынай ыстаансыйалар биһиэннэрэ да, ньиэмэс да киэннэрэ түбэһэллэр Т. Сметанин
9 туохтуур #
Аһытыылаан көөнньөрө туруор (сүнньүнэн кымыһы этиллэр)
Нууччалыы Заквасить (о кумысе)
Ыһыахха бэлэмнээн кымыс ииппиттэр
10 туохтуур #
Отун, умат, күөдьүт (уот, түптэ туһунан)
Нууччалыы Разжигать, разводить огонь
Айах тутарга анаан Аччыгый аҕай Аал уоту ииттилэр.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТиэргэннэргэ түптэ иитэн, Торҕо буруо унаарыйда. Күннүк Уурастыырап Оол, күөл кытыытыгар, өлөҥ саҕатыгар туспа кутаата иитиҥ Болот Боотур
11 туохтуур #
Сыыйа ыанньытан мус, үөскэт, искэр буһара, көөнньөрө сырыт (хол., санааны, өһү)
Нууччалыы Исподволь вынашивать, пестовать (напр., идею, мысль)
"Истэригэр тугу иитэ сылдьалларын туох билиэй?" А. Бэрияк Тылгын тууһуу мускуйаҕын, Эрийэҕин, иэҕэҕин, Иэмэх курдук тутан-хабан, Имитэҕин, иитэҕин. С. Данилов Айбыт аҕатыгар миэхэ Өһү-сааһы иитэ сылдьыбыта! И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Ойууланар сабыытыйаттан ааҕааччы туох да үтүөнү күүппэтин, айылҕа да кини да иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр маарынныыр буолуохтарын туһунан санааны эрдэттэн иитэр ФЕВ УТУ