Перевод с якутского
улаатыннар
туохтуур
Нууччалыы растить
English to raise
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы растить
English to raise (children, animals)
торбосторун үчүгэйдик улаатыннарбыт телят хорошо вырастилs/he raised the calves well
2 туохтуур #
Кээмэйин, тыаһын эп, ахсаанын элбэт, туох эмэ улахан буоларын курдук оҥор
Нууччалыы Делать больше (по величине, объёму, количеству и т. д.), увеличивать, прибавлять
Сорох дьон баай мунньууну туохтан да улаатыннара сатыыллар.
Суорун ОмоллоонХас харах аайы туораах ахсаанын иккилии төгүл улаатыннаран иһиҥ.
Суорун ОмоллоонВенгрия кэнники сүүрбэ сылга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорууну үс төгүл улаатыннарда. ПИ ТС. Мин хомус тыаһын улаатыннарарга үгүс сырам барбыта ЧАИ СБМИ
3 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., ойууну) көстүүтүн улахан оҥор
Нууччалыы Делать что-л. (напр., изображение) крупным
Итини барытын снайперскай саам оптическай приборунан улаатыннаран көрөбүн Т. Сметанин
4 туохтуур #
Кими, тугу эмэ иитэн, көрөн-харайан, бүөбэйдээн, улахан оҥор
Нууччалыы Растить, воспитывать, выращивать (ребёнка, животных)
Торбосторун үчүгэйдик улаатыннарбыт. [Дьаакып:] Ити Айах Дьаакып, харчы булумуна, оҕотун сүрэхтэппэккэ улаатыннаран эрэр. А. Софронов Ытыҥ оҕолоро манна сытыахтара. Улаатыннараммыт, хоту барар экспедицияларга бэлэхтиэхпит. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Онтон ыла кини кэргэннэмэтэҕэ, оҕотун бэйэтэ көрөн-истэн улаатыннарбыта С. Никифоров
5 туохтуур #
Кими, тугу эмэ күүркэт
Нууччалыы Возвеличивать, превозносить кого-что-л
Куттаҕас алдьархайы улаатыннарар (өс хоһ.). [Чокуурап:] Мэлдьэһэн эн бэйэҥ буруйгун өссө улаатыннараҕын С. Ефремов
6 этии #
Этиилэр
Улаатыннарар таас көр таас
Японияҕа оҥоһуллубут кып-кыра кинигэни улаатыннарар тааһынан эрэ ааҕыахха сөп. ДьДьДь